Улуу Кыайыы 77 сылыгар.
Ханна да буоларын курдук Мэйик нэһилиэгэр 9 Маай Кыайыы күнүн бырааһынньыгар сир дойду төһө да хаарынан үллүктэннэр “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!” диэн санаанан салайтаран, Ийэ дойдуларын көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун сырдык тыыннарынан толуйбут хаарыан дьоммутун кэриэстээн, ахтан-санаан ааһар, хараастар бырааһынньыкка администрация, культуура киинэ, оскуола коллектива тэрийиилэринэн киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Сарсыарда 11 чаастан “Бессмертный полк”??? акцияҕа кыттыһан уоттаах сэриигэ кыттыспыт, үлэ-тыыл бэтэрээнэ эбэлэрин-эһэлэрин хаартыскаларын тутан үөрэнээччилэр уонна олохтоохтор үөрэ-көтө параадка кыттыстылар???.
Салгыы Кыайыы памятнигар параады салайан Н.А.Саввинов, баһылык А.В.Тимофеевка туттарда. Үлэ, тыыл ветераннарыгар В.И.Герасимовка, П.Д.Долгунова, В.К.Ивановка, М.С.Васильеваҕа махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттарда. Оскуола үөрэнээччилэрэ строевой хаамтылар, “Тыыннаахтар умнубат сыллара”?? хор ылланна, “Полевая кухня” минньигэс хааһытын амсайдылар уонна түөлбэнэн канад тардыһыыта бэрт сэргэхтик буолан ааста. Салгыы кулууп киэҥ сценатыгар культуура киинэ тэрээһининэн “Кыайыы сырдык дьаралыга биһигини кууспута” диэн музыкальнай инсценировка, түөлбэлэринэн “Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит!” диэн “Өркөн өй” күрэҕэ ыытылынна. Бу барыта биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит сэбиэскэй норуот хорсун быһыытын умнубаттарыгар, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх дьон буола улааталларыгар туһуланар.
АЛБАН ААТ УЛУУ КЫАЙЫЫНЫ УҺАНСЫБЫТТАРГА!???








