Библиотека күнэ.

1995 сыллаахтан ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Россия үрдүнэн библиотека күнэ бэлиэтэнэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн кинигэни ааҕарга, таптыырга, кинигэҕэ сыһыарарга үөрэтии барыбыт сүрүн сыала буолар. Онно сүрүн оруолу төрөппут, оскуола уонна библиотека ылар. Ааҕыы хаһан да өлбөт-сүппэт дьарык буолар. Билиҥҥи кэмнэ төһө да аныгы технологиялар, информация араас көрүҥэ баарын да иһин, кинигэ өрүү баар буолуо. Кинигэни ааҕар оҕо киэҥ билиилээх, инникигэ хардыытыгар бигэ тирэхтээх буолара саарбаҕа суох.
Библиотека күнүн иитинэн, 8- с кылаас оҕрлоругар Үчүгэйтэн үчүгэйдик ааҕар оҕолорго күрэх ыытылынна. Бастыҥтан бастыҥ ааҕааччы аатын ылары ситистэ, Санаайа Павлова, иккис бочуоттаах миэстэни ылла, Андриан Николаев уонна үһүс бочуоттаах миэстэҕэ таҕыста, Яна Спиридонова.
Бу курдук оҕону кинигэ ааҕарга, мүнүүтэҕэ ааҕыыга күрэх тэрийэн, кинигэ ааҕан сэһэргээн, кинигэ диэн дьикти кэрэ абылаҥнааҕын биллэрэн, сыһыарыахха сөп эбит диэн санааҕа салайтаран , киһи өйүн күүһэ кинигэҕэ сытарын өйдөтөн, кинигэни доҕор оҥостуоҕуҥ диэн ыҥырабын.