Норуоттар доҕордоһууларын сылыгар анаммыт, Бүтүн Россиятааҕы Библионочь тэрээһин Мэйик олохтоох библиотекатыгар, муус устар 18 күнүгэр буолан ааста. ” Доҕордоһуу оһуора” диэн дьиэ кэргэнинэн араас омук таҥастаах хаартыска күрэҕэр, 3 миэстэлэри ыллылар, Айаана, Ариан Санниковтар дьиэ кэргэттэрэ, Варвара, Александр Потаповтар, иккис миэстэни Василина, Мичилиинэ Павловалар, Алена, Вячеслав Федотовтар, маҥнайгы миэстэни Наталья, Ариан Федоровтар, Акулина, Иван Павловтар ыллылар. Салгыы ” Россия – Родина моя” хоһоон күрэҕэр, алын сүһүөх оҕолоругар иккис миэстэни, төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ Саргы Семенова, Айгылаан Иванов, бастакы миэстэни үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ, Виталий Иванов, Мирил Иванов ыллылар. Улахан кылаастарга үһүс миэстэни, 5 кылаас үөрэнээччитэ Алексения Семенова, иккис миэстэни бэһис кылаас үөрэнээччитэ Нарыйаана Иванова уонна бастакы бочуоттаах миэстэни Эрсан Федоров ылары ситистилэр. ” Сомоҕолоһуу бэйэ илиитинэн” диэн сүрдээх интэриэһинэй маастар кылааһы, технология учуутала Айталина Васильевна Иванова ыытта, оҕолор астына – дуоһуйа, үчүгэйкээн бэйэлээх матрешкалары оҥорон таһаардылар. ” Норуот сомоҕолоһуута – сүдү күүс” диэн өй оонньуутун, география учуутала Иван Петрович Чириков иилээн ыытта, оҕолор интэриэһиргээн кытыннылар, билиилэрин өссө төгүл хаҥаттылар. Өй оонньуутун түмүгэр, 3 – с миэстэни Сахамин Алексеев 5- с кылаас үөрэнээччитэ, 2- с миэстэни Эрчим Чириков уонна бочуоттаах 1- кы миэстэни Талбан Федоров 6- с кылаас үөрэнээччитэ ылары ситистилэр. ” Норуоттар сомоҕолоһуулара” диэн кинигэ быыстапката турда.
Бу курдук 15 -с төгүлүн ыытыллар үбүлүөйдээх Библионочь тэрээһин интэриэһинэйдик, оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар хатанан хаалар курдук ааста диэҕи баҕарыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ кыттыыны ылбыт кылаас салайааччыларыгар, оҕолорго, тэрээһини тэрийсибит учууталларга махтал, баһыыба тылларын аныыбын.



























