Бүгүн, саха сирин үрдүнэн биллибит, саха литературатын төрүттэспит, ырыаһыта-хоһоонньута, айар тыл аҕата, Алексей Елисеевич Кулаковскайга аналлаах ” Өксөкүлээх сардаҥата ” аахсыйа чэрчитинэн оскуола оҕолоругар ” Өксөкүлээх айымньыларын ааҕабыт” диэн библиотечнай уруок буолан ааста. Оҕолор сэҥээрэн олорон иһиттилэр, элбэҕи биллилэр, билиилэрин хаҥаттылар. Өксөкүлээх айымньыларыттан быһа тардыылары аахтылар, тылын-өһүн ырыттылар. Өксөкүлээх сардаҥата, сырдык кыым буолан сандаарда, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли үөскэттэ.











