“Дарите книги с любовью” акция

Бүгүн, олунньу ый 20 күнүгэр ” Дарите книги с любовью” кинигэ бэлэх акция чэрчитинэн, өрүү көхтөөхтүк кыттар, Яна Саввична Санникова сиэнэ Айталинкалыын, оҕолорго аналлаах олус интэриэһинэй, эриэккэс, уон үс устуука кинигэ аҕалан бэлэх ууннулар. Ону тэҥэ Сардана Николаевна Николаева сахалыы иис кинигэлэрин, сахалыы тар ас хайдах оҥоһуллар кинигэтин уонна оҕолорго сөптөөх икки үчүгэйкээн баҕайы кинигэлэри аҕалан туттарда. Сардаана Николаевнаны кытта тилэх баттаһа, элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ, Василина Васильевна Павлова кыракый детсад, алын сүһүөх оҕолоругар сөптөөх 9 устуука кинигэни бэлэхтээн, үөрүүбүтүн үксэттэ.
Нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр мэлдьи холобур буолар Яна Саввичнаҕа, Сардаана Николаевнаҕа, Василина Васильевнаҕа махтанан туран, тус олохторугар, дьиэ кэргэттэригэр дьолу, доруобуйаны баҕарабыт.
Оҕолорбут билиилэрин хаҥаталларыгар эбии саҥа кинигэлэр эбиллибиттэрэ кэрэхсэбиллээх, кэлэр акцияҕа дойдубут дьоно-сэргэтэ эбии кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэ хаалабыт.