Кырыымпаһыт уол, Андрей.

Бүгүн олохтоох библиотекаҕа ыалдьыттаата ,Мэйик сүрүн оскуолатын выпускнига , СВФУ филологическай факультетын выпускнига , Дьокуускай куорат культура уонна сынньалаҥ пааркатын уус уран салайааччыта , кырыымпаны доҕор оҥостубут, Андрей Никифорович Саввинов . Кыра оҕо эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостубут баҕатын олоххо киллэрбититтэн сүрдээҕин астына , киэн тутта сэһэргээтэ .
Андрейтан кырыымпаҕа оонньуур баҕа санааҥ хаһан биллибитэй диэн ыйыппыппар, алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сырыттахпына телевизорга Иван Чахов баанкаларынан оҥорорун көрбүтүм уонна онно аан бастакыбын кырыымпаҕа оонньуур баҕа санаам үөскээбитэ диир. Уонна ол баҕа санаабын былырыын толороммун , балтараа сыл курдук үөрэнэн , матыыптары таһааран , күн бүгүнүгэр диэри кырыымпаны доҕор оҥостоммун илдьэ сылдьабын диэн чахчы да астына , киэн тутта сэһэргиир. Андрейы кырыымпаҕа үөрэппит киһинэн , олоҥхо театрыгар звукооператорынан үлэлиир Айсен Кысылбаеков буолар эбит. Кырыымпатын Таатта кэскиллээх ыччатыттан , технология учууталыттан Иннокентий Борисовтан ылбытын билиһиннэрдэ, инникитин өссө атын кырыымпа ылынан боруобалыыр баҕа санаалааҕын сэһэргээтэ. Хас биирдии кырыымпа тус туһунан куоластаах , тыастаах уустаах, бэйэтэ туһунан тыыннаах диир. Ол курдук бастаан үөрэммитим утаа сатаатым диэн киһиргии быһыытыйбыппар , кырыымпам тыаһаабат буолан хаалбыта , хат ыла-ыла тыаһатабын да отой тыас суох диир , кэргэним онуоха “Аһара киһиргээҥҥин тыас тыаһаабат буоллаҕа, уура түс ” диэн сүбэлээбитин кэннэ дуоспуруннанан, аргыый наллаан, көрдөһөн оонньообуппар кырыымпам арыллан, тыаһаан барбыта диэн сүрдээҕин сөҕө кэпсээтэ. Дьиэбэр ноталардаах былыргы хас да кинигэлэрдээхпин ону бокуойданным да ылан оонньуубун , дууһалыын чэпчиибин, санаам көнньүөрэр диэн истиҥник мичээрдиир. Отой былыргы норуот ырыалара бааллар дуо диэбиппин , норуот ырыата хара баһаам , тыллара -өстөрө сурулла сылдьаллар , ыллаабакка матыып эрэ таһаарабын , норуот ырыатын ыллыырбар кылыһах наада миэхэ кылыһах суох диэн баран эмиэ күлэн кэбиһэр.
Кырыымпаны сыныйан көрбүппэр гитараттан отой ураты , хайдах мантан матыып тахсарый диэн тоокколоспуппар, бу курдук хоруйдаата. Дьиҥнээх нотанан тыаһаттахха сүрдээх ыарахан буолуо этэ онуоха Анна Томская ноталары сыыппараларынан система оҥорбута отой үчүгэй диэн. Онтум кырыымпабыт ойоҕосторугар сыыппаралар бааллар эбит. Ол да гыннар бэйэм баҕа санаабынан ноталары үс, түөрт ый курдук үөрэппитим диэн өссө күүскэ соһутта.
Онон ылан көрдөххө , баҕа санааны ымыы оҥостон олоххо эмиэ киллэриэххэ сөп эбит диэн түмүккэ кэллибит . Эдэр, кэскиллээх оҕобут Андрей , үлэтэ таһаарыылаах буоллун, баҕа санааларын өссө да олоххо киллэрэ турдун, төрөөбүт дойдутугар, дьонугар – сэргэтигэр талаанын арыйан истин диэн баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин аныыбыт, дьиэ кэргэнигэр дьоллоох олоҕу баҕарабыт!