Оҕо кинигэтин нэдиэлэтин чэрчитинэн , Мэйиктээҕи ааҕар дьиэҕэ ” Сахалыы, нууччалыы мүнүүтэҕэ ааҕабыт” диэн сүрдээх тэтимнээх , интэриэһинэй , биир өттүнэн оҕону сайыннарар уонна кинигэни ааҕарга көҕүлүүр тэрээһин буолан ааста. Этиллибитин курдук оҕолор икки хамаандаҕа арахсан нууччалыы уонна сахалыы кинигэни мүнүүтэҕэ аахтылар. Хоһоону ис турукка киирэн туран , дьоҥҥо тиэрдэр курдук аахтылар . Түмүккэ уолаттар хамаандалара ,Эрсан Федоров , Сайаан Семенов кыайыылаах үрдүк үөрүүтүн биллилэр ,кыргыттар хамаандаларыгар Далаана Иванова , Ангела Иванова , Мария -Мичилийэ Куо Иванова күрэххэ кыһаллан туран кытыннылар . Биирдиилээн ааҕыы түмүгүнэн ,Эрсан Федоров 4-с кылаас үөрэнээччитэ 1 м, Далаана Иванова 6-с кылаас 2 м уонна Сайаан Семенов, Ангела Иванова 3-с миэстэни ылары ситистилэр . Каникул бириэмэтигэр түбэһиннэрэн , оҕону ааҕыы эйгэтигэр угуйар ,биир эмиэ интэриэһинэй күрэх буолан ааста. Бу курдук төрөппүттэр дьиэҕэ эмиэ , оонньуу методынан оҕолорун ааҕыы кэрэ эйгэтигэр чугаһатыахтарын сөп эбит диэн, бэлиэтиэхпин баҕарабын.










