Тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт төрүттэммитэ 90 сылынан, оскуола _о5олоругар “Үөһээ Бүлүү – мин_ _дойдум” диэн уруһуй_ күрэ5ин түмүгэ таҕыста. Курэххэ барыта 13 о5о кыттыыны ылла. О5олор, улуустарын , харахтарыгар ойуулаан көрөн, дойдуга тапталларын биллэрэн ис сүрэхтэриттэн уруһуйдаабыттара өтө көстөр. Бу курдук дойдуга бэриниилээх буолалларыгар иитии, үөрэтии биир көрүҥэ буолара саарбаҕа суох. Алын сүһүөх кылаастарга 3 м ылла, 2 кылаас үөрэнээччитэ Роберт Аммосов, 2 м 2-с кылаас үөрэнээччитэ Мирил Иванов уонна бастакы миэстэни 4-с кылаас үөрэнээччитэ, Алексения Семёнова ылары ситистилэр. Улахан кылаастарга 3-с миэстэни 8-с кылаас үөрэнээччитэ Пётр Николаев, 2-с миэстэни 9-с кылаас үөрэнээччитэ Юлиян Иванов, 1кы миэстэни, элбэх уруһуйу уруһуйдаан Андриан Николаев ылла. Атын кыттыбыт оҕолорго кыттыбыттарын туоһулуур туоһу суруктар, миинньигэс бэлэхтэр туттарылыннылар. Бу курдук, Үөһээ Бүлүүбүт 90 сылын чэрчитинэн, оскуола о5олорун иһинэн, дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр, дьоһуннаахай тэрээһин буолан ааста диэн этиэхпин баҕарабын.

