Ленинград – блокадататтан босхоломмут күнэ.

Ленинград куорат блокадаттан босхоломмут күнүн чэрчитинэн, тохсунньу ый 28 күнүгэр, олохтоох библиотека5а оскуола о5олоругар библиотечнай уруок буолан ааста. Манна Ленинград куорат босхолонуутун туһунан сурдээх интэриэһинэйдик сэһэргээтэ ону тэҥэ ол ааспыт дьулаан кэмнэр хаартыскаларын презентациянан көрдөрдө , Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Чириков Иван Петрович. Бу маннык дьалхааннаах историческай кэмнэри о5о билиэхтээх, үөрэтиэхтээх уонна инникитин кэлэр көлүөнэ5э тириэрдиэхтээх.