Талисман добра.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга күүс-көмө, өйөбүл буолар сыаллаах
“МЫ ВМЕСТЕ!” диэн Сэтинньи уонна Ахсынньы ыйдарга 2024 с. акция биллэриллибитинэн, ахсынньы ый 4 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар
“ТАЛИСМАН ДОБРА” оҕолор илиилэрин сылааһынан алгыстаах оҥоһуктары, харысхаллары оҥорон, улууска киллэрэн туттардыбыт.
      Харсысхаллары оҥорууга субэлээн – амалаан, көрдөрөн оҥоттордо, Мэйик сурун оскуолатын технологияҕа учуутала, Иванова Айталина Василтевна. Оҕолор сүрдээҕин кыһаллан, сыал – сорук туруорунан, ис сүрэхтэриттэн ылсан, оҥоһуктары оҥордулар. Киһиэхэ кыра да наада дииллэринии, о5о бэйэтин баҕатынан, санаатын ууран туран оҥорбут оҥоһуга, харысхала, ыраах, Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга күүс – көмө, өйөбүл буолуо диэн бигэ эрэнэбит.
      Сарсынны күҥҥэ эрэниэҕиҥ,
      Үчүгэйи ыралыа5ыҥ,
      Эйэлээх олох тосхойуохтун!