Бугун, сэтинньи 26 күнүгэр, олохтоох библиотека дьиэтигэр, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын – өһүн, билиини – көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээ5и “ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА буолан ааста. Дьыктааны барыта биир о5о уонна 11 улахан киһи суруйда. Бары даҕаны эриэ – дэхси, туох да дьоһуннук суруйбуттар диэн бэлиэтии көрдүбүт. Ол курдук, 3-с бочуоттаах миэстэни Наталья Евсеевна Федорова, 2-с Айталина Васильевна Иванова уонна 1-кы бочуоттаах миэстэни Агафия Анатольевна Догуева ылары ситистэ. О5олорго, 7-с кылаас үөрэнээччитэ Андриан Николаев туйгуннук суруйбут. Инникитин да бу курдук буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытта туруҥ диэн, алгыс тыл маанытын тиэрдэбит. Сахабыт тылын баайа олоҥхобутугар, олоҥхобут сүрэхпитигэр!



