Бала5ан ыйын 21 күнүгэр, “Дорообо, Көмүс күһүн” оскуола иһинэн ыытыллыбыт бырааһынньыкка “Күһүҥҥү долгураҥ”диэн төрөппүтү кытта оҕо кыттыылаах хоһоон күрэһэ буолан ааста. Хас биирдии кылаастан ийэ оҕотун кытта истиҥ – иһирэх хоһооннору бар дьон иннигэр аа5ан иһитиннэрдилэр. Маннык тэрээһин төрөппүт уонна о5о биир ситим буоларыгар ону тэҥэ бэйэ бэйэлэригэр сылаас сыһыан олохтоноро саарбаҕа суох. Хайдахтаах да тэрээһиҥҥэ төрөппүт оҕотун кытта кыттааһына о5о5о өйөбүл, тирэх, дурда – хахха буолар диэн этиэ5и баҕарыллар.
О5о баар буолан.
Ити о5о баар буолан
Дьол биһиэхэ то5уоруйар,
Сааскы күммүт уоттанан
Сайдам ырыа дуорайар.
Ити о5о баар буолан
Кыһыммыт да ичигэс,
Ыраас сырдык Мичилинэн
Ыраах саҕах күлүмнэс.
Ити о5о баар буолан
Олох мэлдьи салҕанар,
Ийэ итии тапталынан
Өлбөт – сүппэт түстэнэр.
Дмитрий Апросимов.




