Чэгиэн – чэбдик күнэ.

Улуус үрдүнэн ыытыллар “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” – бырайыак чэрчитинэн, Мэйик нэһилиэгин бары үлэһиттэрэ, оскуола о5олоро кыттыылаах сарсыардааҥы сэрээккэ, сынньалаҥ пааркаҕа буолан ааста. Сэрээккэни иилээн ыытта, Мэйик сурун оскуолатын учуутала, Иван Петрович Чириков. Сарсыардааҥы сибиэһэй салгынынан тыынан, эти-хааны эрчийэн, дьон – сэргэ уһугунна, үлэ – үөрэх күнүн үөрэ – көтө көрүстэ.
Чөл, доруобай туруктаах, саҥа кэлбит нэдиэлэни уруйдуу, үөрүү кыымын саҕан, сарсыҥҥы күнү айхаллаан көрсөбүт.