Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгин ытык киһитэ, Константин Егорович Тимофеев туһунан бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторун, хаан-уруу аймахтарын истиҥ-иһирэх ахтыылара, араас сыллардааҕы хаартыскалара түмүллэн, кэриэстэбил кинигэ күн сирин көрдө.
Ол курдук, бала5ан ыйын 11 күнүгэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр үйэлээх өйдөбүнньүк кинигэ сүрэхтэниитэ Мэйик нэһилиэгэр буолан ааста.
Константин Егорович үөрэммит, үлэлээбит үлэлэрин сырдатар сурдээх истиҥ, иһирэх, дириҥ ис хоһоонноох кинигэ тахсыбыт эбит диэн үрдүктүк сыаналаатыбыт, инникитин кэлэр кэнчээри ыччаттара киэн тутта аатын ааттыы, холобур оҥосто сылдьыахтара.








