Балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин Маай учаастагар дьикти, кэрэ, умнуллубат көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук 1972 сыллаахха “Эрчим” студенческай этэрээт Маай учаастагар, сайыҥҥы бириэмэҕэ икки ыйга тигиниччи үлэлээн “Эрчим” диэн бастакы хотону тутан барбыттар. Оруобуна 52 сыл буолан баран, эдэр сылдьан көччүйэ хаампыт алаастарыгар иккиһин эргиллэн кэлэннэр, ол ааспыт эдэр саастарын Уйадыйа, ахтан-санаан аастылар. Манна биһиги нэһилиэктэн тырахтарыыһынан, оччолорго күөгэйэр кэмигэр сылдьар Василий Андреев үлэлэспит,52 сыл буолан баран бииргэ алтыһан үлэлээбит о5олорун көрсөн үөрдэ-көттө, дуоһуйа элбэҕи кэпсэттэ. Уопсайа 40-ча о5о кэлэ сылдьан, эт илиилэринэн, а5ыйах туттар тэрилинэн, уһун бэйэлээх, кыстыыр хотону тутан, дьэндьэтэн кэбиспиттэрин астына кэпсээн аастылар. Ону тэҥэ, сылдьан барбыт бэлиэлэрин сэһэргиир сэргэ туруорбуттарын көрөннөр харахтарыттан уу-хаар баһан, о5олуу уйадыйан ыллылар.
Манна, бу хамаанданы, Мэйик нэһилиэгин администрацията, баһылык Иван Игоревич Яковлев, солбуйааччы баһылык Петр Васильевич Дьоллоохов, тэрилтэ үлэһиттэрин, “Ситим” эбээлэр түмсүүлэрин, нэһилиэк олохтоохторун кытта сүрдээх истиҥник көрүстүлэр. “Ситим” эбээлэр түмсүүлэрэ алгыстаах алаадьынан айах туттулар. Владимир Федоров айбыт хоһоонун, Валентина Попова салайар 4-с кылааһа долгутуулаахтык ааҕаннар, бар дьон сүргэтин көтөхтүлэр. Эрчим диэн тимиринэн суруктаах сэргэлэрин тула өйдөбүнньүк хаартыска5а түстүлэр, сэргэбит барахсан бэйэбитин кытта тэҥҥэ сааһырбыт эбит диэн мунчааран ыллылар.
Мантан салгыы эт илиилэринэн туппут хотоннорун сэмнэҕин көрөннөр санаалыын манньыйдылар, хараастан өрүтэ тыыннылар. Ол ыраах, ааспыт кэмнэри бу баардыы оҥорон көрдүлэр, күн бэҕэһээ буолбуттуу, оҕолуу омуннаахтык сэһэргии турдулар. 52 сыл буолан баран диэн эттэххэ дөбөҥ, ол кэннэ төһөлөөх хаар-самыыр түспүтэ буолуоҕай, сүүрбэччэлээх эдэркээн уолаттар, кыргыттар билигин сааһыран, биһиги иннибитигэр кэлэн кэпсии турдахтара.
Саха дьоно буоларбыт быһыытынан, оллооҥҥо буспут хоточчу эттээх миининэн, куһунан күндүлээн киллэрдибит ону тэҥэ олохтоохтор астаан бэлэмнээбит миинньигэс астарынан күндүлээн, кэлбит ыалдьыттар сүргэлэрин көтөхтүбүт.
Икки өттүттэн элбэх ырыа ылланна, ункуулээн битийэн да ыллылар. Оччотооҕуга, биьиги Маайбытыгар билсиһэн, хатыҥ чараҥ устун хаампыт кыыстаах уол ыал буолан, билигин оҕолордонон, сиэннэрдэнэн, хос сиэннэрдэнэн быр-бааччы олороллорун киэн тутта кэпсээтилэр, “биһиги Маайбыт” диэн астына, харахтарыттан дьол кыыма сандаарар.
Бу курдук, истиҥ – иһирэх күнү бэлэхтээн барбыт устудьуон доҕотторго махтанан, алгыстаах айаны баҕара хааллыбыт. Ааспыт кэми ахтан – санаан, кэлэр кэми кэрэһэлээн, хоҥкуйбут сэргэ, өссө да уһун сылларга кэпсэнэ, сэһэргэнэ турдун.







