Россия күнэ.

Бүгүн, бэс ыйын 12 күнүгэр Россия күнэ бэлиэтэнэр. Онно анаан олохтоох библиотека кинигэ быыстапкатын ситэн – тупсан, силигилээн турар айыл5а5а  туруорда,  Валентина Васильевна уонна Елена Николаевна салайар лааҕырын оҕолоро хоһооннорун аахтылар, үҥкүүлэрин үҥкүүлээтилэр. Тэрээһин саҕаланыытыгар, Россия хайдах саҕыллан үөскээбитин туһунан Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала,  Иван Петрович  сэһэргээтэ.
      Бу курдук Россия күнэ о5олор өйдөрүгэр – санааларыгар иҥэр  гына, бэлиэтэнэн ааста