Улуу бэйиэт Александр Пушкин күнүгэр анаан.

Бэс ыйын 6 күнүгэр      А. С. Пушкин 225 сылынан, нэһилиэк библиотекатыгар , Үөһээ Бүлүү улууһун, Республика биллэр оһуохайдьыта, Онхой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, билигин биһиги кэккэбитигэр суох, Вадим Константинов 1996 сыллаахха А. С. Пушкинна суруйбут анабыл хоһоонун, 3 кылаас үөрэнээччилэрэ аа5ан иһитиннэрдилэр.
       Ону тэҥэ Пушкин айымньыларынан кинигэ быыстапката турда. О5олор суруйааччы айымньыларын сэҥээрэ көрдүлэр – иһиттилэр, элбэх остуоруйаны аахпыттарын сэьэргээтилэр.
       Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы үөрэх дьылыгар, дьиэ кэргэнинэн А. С. Пушкин хоһооннорун аа5ыы күрэһэ буолан ааспытын сырдата түһүөҕү баҕарыллар. Ол курдук, Агафья Анатольевна уола Харысханныын, Ариан Владимирович уола Эрсаанныын, Лидия Семеновна сиэнэ Алексениялыын, Матрена Тихоновна сиэнэ Рамиллыын, Лена Михайловна кыыһа Сияналыын, Алиса Филипповна кыыһа Сайыыналыын, Мария Павловна кыыһа Нарияналыын, Вячеслав Романович уола Дамирдыын, Геннадий Петрович уола Талбанныын.
      Бу курдук А. С. Пушкин айымньыларын кырдьа5аьыттан оҕотугар тиийэ сөбүлээн ааҕаллар диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Улуу нуучча суруйааччыта сүҥкэн элбэх айымньыны норуокка бэлэх быһыытынан суруйан хаалларбыт эбит диэн, сөҕө, махтайа саныыбыт.