Оһуохай күнэ.

Ыам ыйын 25 күнүгэр Сахабыт сирин үрдүнэн оһуохай күнэ биллэриллэн, бугун Мэйикпит туонатыгар, кыралыын-улаханныын оһуохайы оройуттан туттубут.
       Аал уот оттон, алгыстаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан айах туттулар, сиэр-туом оҥоһуллан, силикпит силигилии ситэн, үрдүк айыыларга сүгүрүйэн оһуохайдаан бардыбыт. Кэлбит дьон бары кэриэтэ сахалыы таҥаһы сайбаччы кэтэннэр түһүлгэҕэ киирдилэр, алгыска кыттыһан, оһуохайдаан дайдылар.
       Оһуохайы таһаарда,СССР культуратын туйгуна ,сцена бэтэрээнэ, нэһилиэк  бочуоттаах олохтооҕо, Галина Абрамовна Иванова ону тэҥэ э5эрдэ эһиэкэйин эҥээриттэ  кэскиллээх этээччи, элбэх оҕолоох эдэр ийэ, Айталина Николаевна Муксунова.  Тилэх баттаһа оһуохайы таһаардылар 3 кылаас үөрэнээччилэрэ, Алексения Семёнова, Эрсан Федоров.
          Сайыҥҥылыы саймаархай салгыҥҥа, илии илииттэн ылсаммыт, тоҥолохтон тутуһан, саннылартан да5айсан, чэпчэкитик дугунан, саха таптыыр оонньуутун, оһуохайдыыр оонньууну оройуттан туттубут.
       Бүгүҥҥү күҥҥэ оскуолабытыгар Тиһэх чуораан чугдаарыйда, оһуохай алыптаах до5ооно, о5олорго алгыс буолан тиийиэхтин, кэлэр кэнчээри ыччаттар кэскиллэрэ тэнийэ, ыллыктаах суоллара арылла туруохтун!
       Бу курдук, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев, бала5ан ыйын 7 күнүнээҕи ыйааҕынан ылыныллыбыт, аан бастакытын бэлиэтэммит оһуохай күнэ, Мэйикпит нэһилиэгэр өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста диэн бэлиэтиэ5и баҕарыллар.