Пионерия күнэ.

Бугун, ыам ыйын 20 күнүгэр, олохтоох библиотека дьиэтигэр, Пионерия саха сиригэр тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста. Төһө да сыллар-хонуктар аасталлар, ааспыт кэмнэри кэрэһэлиир, сэһэн гынан сэһэргиир, ол ыраах кэмнээҕи  пионер о5олор хамсаабат күлүктэрэ, дьоллоох о5о саас кэрэ кэмнэрин бүгүҥҥү күҥҥэ санатан аастылар. Дирбиэннээх  – дарбааннаах, горн, барабан доҕуһуоллаах слеттар, походтар, өрө күүрүүлээх тимуровскай үлэлэр барыта ахтыллан аастылар.
        Ыҥырыылаах ыалдьыттарбытынан биир кылааска үөрэммит кыргыттар, Айталина Васильевна Иванова, Айталина Семеновна Львова, Куннэй Васильевна Иванова, 4 кылааска оҥорбут пионерскай альбомнарын илдьэ кэлэн, оҕолорго кэпсээтилэр, ол ааспыт, хатыламмат кэрэ кэмнэри ахтан – санаан аастылар. Айталина Васильевна, пионерга муус устар 22 киириэхтээҕин ыалдьан хаалан, ыам ыйын 19 күнүгэр, Буор Ураһаҕа пионердар походтарыгар, костер аттыгар туран киирбитин долгуйа кэпсээтэ. Оччолорго киниэхэ аалай кыһыл хаалтыһы, Айта Тимофеева, билиҥҥитэ педагогическай наука кандидата Айталина Егоровна Тимофеева туттарбытын сурдээх истинник ахтан-санаан ааспытын бары да кэриэтэ долгуйа иһиттибит.
       Мэйик оскуолатыгар бастакытынан  пионер баһаатайынан үлэтин саҕалаабыт Валентина Васильевна Попова, урукку кэмнэри санатар, элбэх альбомнары а5алан, истиҥник сэһэргээтэ, оҕолор умсугуйан олорон иһиттилэр, хаартыскалары көрдүлэр – иһиттилэр.
          О5о саас умнуллубат бэлиэтин, пионер буолбут күнүн астына сэһэргээтэ, Мэйик сурун оскуолатын директора, Николай Анисимович Саввинов.
        Үчүгэй үөрэҕин, бэрээдэгин иһин “Артек” лааҕырга сынньанан кэлбитин, үөрэн  – кетен, долгуйан туран сэһэргээтэ, Любовь Романовна Семёнова. Чахчыта да, кыра нэһилиэктэн, 7 кылаас эрэ о5ото, ылбычча киһи тиийбэт ыраах сиригэр баран кэлии диэн, улахан ситиһии.
      Бүтэһик пионердар истэригэр сылдьыбыт, Иван Петрович Чириков, төһө да кылгас бириэмэҕэ пионердаатар, эмиэ истинник ахтан – санаан ааста.
        О5олор, пионер диэн  кырдьыксыт, үчүгэй үөрэхтээх, бэрээдэктээх, туохха барытыгар инники сылдьарын, ессе төгүл тоһоҕолоон, сэнээрэн иһиттилэр. Урукку курдук, алын сүһүөх оҕолоругар “Орлята России”, үрдүкү сүһүөхтэргэ “Движение первых РДДМ” хамсааһыннар үлэлээн эрэллэр. Маннык хамсааһыннар баар буоллахтарына, оҕолорго  инникигэ эрэл, бэйэлэрин булуналларыгар суолдьут сулус буолуо диэн эрэнэбит. Түмсүүлээх буоларга иитиллэн, уһуйуллан тахсаллара саарбаҕа суох.
       Тэрээһиммитин” Орлята России” ыраларынан сурдээх үчүгэйдик  киэргэттилэр 3 кылаас үөрэнээччилэрэ ону тэҥэ улахан сүһүөх кылаас о5олоро урукку кэми уһугуннарар  “Взвейтесь кострами” ырыаны өрө күүрүүлээхтик ыллааннар, сүргэбитин көтөхтүлэр.
      Бу курдук, Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сыллаах тэрээһиммит, сурдээх сэргэхтик, киэҥ далааһыннаахтык ыытыллан ааста. Кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттарга бары үчүгэйи, сырдыгы баҕаран туран, бүгүнҥү тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарын туоһулуур пионерскай открытканы кытта, урукку кэмнэри өссө төгүл  минньигэстик саныы сылдьалларын курдук шоколадынан
күндүлээтибит. Түмүккэ уопсай хаартыска5а түһэн, историяны хаҥаттахпыт буолуо диэн сабаҕалыыбыт.