Кулун тутар 23 күнүгэр, Мэйикпит нэһилиэгэр,эбэҥки поэта, талааннаах худуоһунньук Д. Н. Апросимов төрөөбутэ 95 сылыгар аналлаах”Хоһоонум – мин үйэм, оло5ум лоскуйа” диэн киэҥ далааһыннаах тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллан ааста. Поэт олорон, үлэлээн ааспыт түбэтигэр, маннык тэрээһиннэр 5-с сыл буола, буола тэриллэн , быйыл төрдүс төгүлүн ыытылынна.
Ол курдук ыраахтан кэлбит ыалдьыттарбытынан буоллулар: Дмитрий Нестерович уолаттара, Александр, Андрей Апросимовтар,бииргэ төрөөбүт балта”Бочуот Знага” орден кавалера, үлэ ветерана Апросимова Антонина Нестеровна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэгин социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ, Александра Гаврильевна Куличкина, РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин журналистарын союһун чилиэнэ, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Прокопий Николаевич Ксенофонтов, Саха сирин суруйааччыларын союһун правлениетын чилиэнэ, Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ассоциациятын чилиэнэ, “Хэглэн” фольклорнай ансабылын чилиэнэ Гаврил Михайлович Толстоухова, эбэҥки тылын, үгэстэрин, историятын сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх уһуйааччы, Галина Степановна Куерэгяева, баянист, оһуохайдьыт, прозаик Аскалон Лукич Егоров- Өркөн – Дьол.
Тэрээһиммит сарсыарда 10 чаастан оскуола о5олорун кытта көрсүһүүттэн саҕаланна.О5олор Дмитрий Нестерович туһунан истэ улааппыт буоланнар, поэт оҕолоро бэйэлэринэн кэлэн кэпсииллэрин сурдээ5ин сэнээрэн, биир тыынынан иһиттилэр. Көрсүһүү кэнниттэн, заалга туруоруллубут араас хабааннаах, кинигэ, уруһуй, хаартыска, олохтоох, талба талааннаахтар оҥоһуктарын быыстапкаларын ону тэҥэ Дмитрий Нестерович худуоһунньук уола Андрей Дмитриевич илдьэ кэлбит уруһуйдарын быыстапкатын көрүү-истии буолла. Андрей Дмитриевич, оҕолорго да, олохтоохторго да бэйэтин быыстапкатын сиһилии кэпсээн, дьон болҕомтотун күүскэ тардан, улахан сэҥээриини ылбыта. Биһиги о5олорбут истэригэр уруһуйдуур о5о үгүс онон боччумнаах ба5айытык быыстапканы сэҥээрэ көрдүлэр. Манна даҕатан эттэххэ, кэлбит ыалдьыттар бэлиэтээһиннэринэн, о5олоргут сатаан истэр, болҕомтолоох баҕайылар, мээнэ о5о киһи кэпсиирин тулуйан истибэт диэн хайҕаан, сүргэбитин көтөхпүттэрэ.
Ыалдьыттарбытын эбиэттэтэн баран, лоп курдук 2 ч.”Ол кэмнэр кэпсииллэр” диэн Екатерина Филипповна, Дмитрий Нестерович Апросимовтар ыал буолан, олохторун холбоон, Мэйик нэһилиэгэр кэлэн олохсуйууларын туһунан тэттик испэктээкилтэн саҕалаатыбыт. Ийэлэрин Катяны оонньообут Айыына Спиридонова олус итэҕэтиилээхтик оонньоон, ыалдьыттарбыт чахчы астынан, уйадыйан ылбыттарын долгуйа кэпсээтилэр.Ийэбитин чахчы көрбүт курдук сананныбыт, арыый да уҥуоҕа эрэ өндөс уонна туттара – хаптара, быһыыта – таһаата чуо- бааччы ийэбит күлүгэ дэһэллэр. Аҕалара Миитэрэйи, В. Н. Титов аатынан сынньалаҥ киинин директора Семён Васильев эмиэ оруолугар киирэн оонньообутун, сэҥээрэ көрбүттэрин, биьиги аҕабыт эмиэ итиник бытыктаах буолааччы диэн оҕолуу үөрэн – көтөн туран эттилэр. Ону тэҥэ атын да оруолларга нэһилиэкпит талба талааннаах дьоно – сэргэтэ, оччотооҕу кэми санатар курдук таҥнан-симэнэн, арылхайдык көрдөрдүлэр. Испэктээкил сыанатын,таҥастарыгар тиийэ ымпыктаан- чымпыктаан, булан – талан көмөлөспүт, бэйэтэ режиссёр үөрэхтээх Марианна Степановна өҥөтө сүҥкэн улахан.
Салгыы кэлбит ыалдьыттары кытта, Дмитрий Нестерович туһунан ахтыы олус долгутуулаахтык буолан ааста. Маны иилээн – са5алаан, үрдүк таһымнаахтык ыытта, Мэйик сурун оскуолатын учуутала, РФ журналистарын союһун чилиэнэ, Владимир Федоров. Бастатан туран сыана5а Мэйикпит баһылыга Иван Игоревич Яковлев ону тэҥэ өр сылларга Мэйик нэһилиэгин библиотекарынан үлэлээбит, үс төгүллээн Дмитрий Нестерович Апросимов үбүлүөйдээх сылларын ыыппыт, Галина Абрамовна Иванова уонна ыраахтан кэлбит ыалдьыттарбыт ыҥырылланнар, сөптөөх миэстэлэри буланнар, ахтыы киэһэтэ сурдээх сылаастык уонна истиҥник ааста. Инники буолбут тэрээһиннэри кэрэхсэбиллээхтик ыытан кэлбит дьоммутугар Галина Абрамовна5а уонна Владимир Афанасьевичка нэһилиэкпит а5а баһылыга Иван Игоревич, махтанан туран махтал суругу кытта Д. Н. Апросимов 95 сылынан диэн бэлиэ суругу туттартаата. Ону тэҥэ музейга диэн, Александр Потаповка маһынан онотторбут Мэйик бэлиэтин оҥоһугун, урукку кэмнэртэн хомуллубут ахтыылары бэчээккэ таһааран түмэн, урукку ыытыллыбыт тэрээһиннэр хаартыскаларынан фотоальбом оҥорон, нэһилиэк олохтоохторун аатыттан бэлэх быһыытынан туттардыбыт. Уонна оттон биллэрин курдук, кэлбит ыалдьыттарга Д. Н. Апросимов 95 сылынан диэн бэлиэ суруктары, кэлэн барбыт бэлиэ5итинэн диэн үөрүүлээх – быһыыга – майгыга бэлэх ууннубут. Оскуола директора Николай Анисимович Саввинов, бырааттыы Александр, Андрей Апросимовтарга уонна икки эдьиийдэригэр Антонина Нестеровна5а, Александра Гаврильевна5а, э5эрдэ суруктары кытта, сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Ахтыы киэьэтигэр эбии нэһилиэк дьонун аатыттан кыттыыны ыллылар, Маргарита Егоровна Борисова, Март Афанасьевич Яковлев. Чахчы да үтүө үлэһит киһи кэлэн үлэлээн, олохсуйан барбытын бу киэьэ истэн олорор истээччилэр ордук сэҥээрэн, сэргээн иһиттилэр. Киһи иһиттэр истэ олоруох курдук диэн астыммыттарын биллэрдилэр. Поэт уолаттара, махтанан туран нэһилиэк администрациятыгар, библиотека5а , Галина Абрамовна5а ,Джемма Иннокентьевнаҕа кинигэ, хартыына бэлэхтэри утары ууннулар, кинилэргэ махтанан, баһыыба, махтал тылларын тиэрдэбит.
“Хоһоонум – мин үйэм, оло5ум лоскуйа” хоһоон, ырыа – тойук ыллыктаах, түмүктүүр чааспыт тосхойдо. Манна Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо сыла биллэриллибитинэн Дьиэ кэргэнинэн Дмитрий Нестерович хоһооннорун аа5ыы күрэ5э ыытылынна. Барыта биэс дьиэ кэргэн кыттыыны ылбытыттан, көхтөөх кыттыыны ылбыттарын иьин туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар, Талбан, Геннадий Федоровтар, Эрсан, Арсений, Ариан Федоровтар уонна Мэйик сынньалаҥ кииниэ туруорбут бэлэхтэрин туттулар. Үһүс бочуоттаах миэстэни Нарияна, Мария Ивановалар 1500 солк. сертификаты туттулар, иккис миэстэни Алексения, Люсьена, Людмила Семёновалар 2000 сертификаты уонна Дамир, Алёна Федотовтар бастакы бочуоттаах миэстэни ыланнар 3000 тыь. сертификаатынан наҕараадаланан үөрдүлэр – көттүлэр. Маны тэҥэ уруһуй курэ5эр кыттыыны ылбыт о5олорго эмиэ Добун суруктар туттарылыннылар, ол курдук алын сүһүөх кылааска 3-с бочуоттаах миэстэни Рамиль Васильев, 2-с м Эрсан Федоров , 1-гы миэстэни Нарияна Иванова. Улахан сүһүөххэ, 3-с миэстэни Петя Николаев, 2-с миэстэни Юлиян Иванов уонна бочуоттаах 1-кы миэстэни Андриан Иванов ыланнар харчынан сертификаттары туттулар. Көхтөөх кыттыыны ылбыт Алексения Семенова, Арсений Федоров туоһу суругу кытта Мэйик сурун оскуолата туруорбут бэлэхтэрин туттулар.
Хоһоон хонуулаах киэһэбитин киэргэттэ,өрүү Дмитрий Нестерович үбүлүөйдээх күннэригэр кыттыыны ылар киһибит, бэйэтэ эмиэ анабыл хоһооннордоох, Зоя Васильевна Бускарова, Андрей Апросимов “Ийэбэр” хоһоонун долгутуулаахтык аа5ан иһитиннэрдэ. Дьүрүскэн куолаһынан Күөрэгэй ырыаны Март Яковлев ыллаан эйээрдибитэ, истиэхтэн кэрэтэ, хайдах эрэ ол ааспыт кэмнэри өссө төгүл санатан ааспыта буолуо диэн бэлиэтиэхпин ба5арабын. Үнүгэсчээн оҕо үҥкүү ансаамбылын улахан бөлөҕө Эҕэрдэ үҥкүүтүнэн уонна кыра бөлөҕө Хотугулуу үҥкүүлэринэн таһыччы киэргэттилэр. Ону тэҥэ Республика таһымнаах курэхтэргэ кыттар уолаттарбыт Иван Павлов, Семён Васильев ылбаҕай ырыаларын бэлэх уунаннар киэһэбитин киэргэттилэр.
Оруобуна уолдьах, нэһилиэктэринэн уот ылыллар буолан, аппаратура дизелинэн холбонон кыайбакка өссө да киэһэбитин киэргэтиэхтээх ырыаһыт ыччаттарбыт ырыалара ылламмата5а хомолтолоох, ол курдук Ариан Федоров, Геннадий Семёнов, Алёна Федотова ылбаҕай ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ хаалбыта. Ону оттон дойду үрдүнэн кутурҕан күнэ биллэриллэн,Д. Н.Апросимов үөһэттэн кэмигэр тохтотто быьылаах диэн, тус бэйэм сабаҕалыыбын.
Ыалдьытымсах саха дьонун сиэринэн, ыалдьыттарбытыгар сандалы астаах остуол тэрийэн, ырыа аргыстаах, ааспыт кэми ахтыһан, астына – дуоһуйа сэһэргэһэн, киэһэбитин билбэккэ аһардыбыт.
Сэргэх, элбэх кэпсээннээх, кунду ыалдьыттарбыт, кылгас да бириэмэ5э буоллар, Мэйикпит олохтоохторугар умнуллубат күнү бэлэхтээн ааспыттарыттан өссө төгүл махтанабыт. Дмитрий Нестерович сырдык аата үйэлэри уҥуордаан ааттана туруохтун, суруйбут хоһоонноро үйэттэн үйэҕэ ааҕылла сылдьыахтын, кэнэҕэс ыччаттарга суолдьут сулус буолуохтун!
Аны биэс сылынан 100-с сааһын бэлиэтээн, эмиэ бу курдук мустаммыт, уруйдуохпут – айхаллыахпыт диэн санаанан салайтаран, кэрэ, истиҥ киэһэбитин түмүктээммит, дьоммутун уһун айаҥҥа, алгыс тылбытын тиэрдэн туран, атаара, сайыһа хааллыбыт.
Түмүккэ, нэһилиэкпит баһылыгар Иван Игоревичка, администрация бары коллективыгар, В. Н. Титов аатынан сынньалаҥ киинин директорыгар Васильев Семён Павловичка, бары үлэһиттэригэр, Мэйик сүрүн оскуолатын директорыгар Саввинов Николай Анисимовичка, оскуола бүттүүн коллективыгар, “Кунчээн” детсад коллективыгар, салайааччы Федотова Алёна Макарьевна5а, олохтоох балыыһа сэбиэдиссэйигэр Павлова Раиса Николаевнаҕа,үлэлиир коллективыгар, ахтыы киэһэтин киэҥ далааһыннаахтык ыытыспыт Федоров Владимир Афанасьевичка, тэрээһин ахсын өрүү көмөлөһөр Санникова Яна Саввична5а, үйэтитиигэ үлэлэһэрПавлов Иван Анисимовичка, Шологонова Лира Дмитриевна5а, сибиэһэй балыгынан күндүлээбит Спиридонов Владимир Ефимовичка, маһынан Мэйик бэлиэтин оҥорон бэлэх ууммут, талааннаах уолбутугар Потапов Александр Николаевичка, Д. Н. Апросимов мөссүөнэ ойуулаах, миинньигэс тортаах Потапова Варвара Михайловна5а, нэһилиэкпит бука бары дьонугар – сэргэтигэр махтал маанытын тиэрдэбин, мэлдьи бу курдук биир санаанан салайтаран үлэлиэҕиҥ, хамсыа5ыҥ, үүнүөҕүҥ, сайдыа5ыҥ!








































