Төрөөбүт тыл уонна сурук – бичик күнэ

Олунньу ый 10 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук – бичик күнүн чэрчитинэн, олохтоох бибилэтиэкэ дьиэтигэр,оскуоланы кытта кыттыгас, оскуола о5олоругар *Аа5ыы* күрэ5э буолан ааста. Бу курэххэ алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр  доргуччу ааҕыыга, орто сүһүөхтэргэ мүнүүтэҕэ ааҕыыга уонна улахан кылаастарга хоһоону ис хоһоонун, уобараһын арыйан,хоһоон тыынын истээччигэ тиэрдэр гына доргуччу аа5ыы. Курэххэ о5олор сахалыы таҥнан – симэнэн, бэриллибит сорудахтары бары да кэриэтэ дьоһуннук толорон, түмүккэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, алын сүһүөх оҕолоругар 3 м ылары ситистэ 2 кылаас үөрэнээччитэ Айгылаан Иванов, 2 миэстэни 3 кылаас үөрэнээччитэ  Нарыйаана Иванова, 1 миэстэни 4 кылаас үөрэнээччитэ  Аиша Алексеева. Орто сүһүөхтэргэ 3 бочуоттаах миэстэни ылла Далаана Иванова, 2 миэстэни Петя Николаев, 1 миэстэни Сайаана Еремисова. Улахан сүһүөхтэргэ, хоһоон курэ5эр 3 миэстэни Елисей Николаев, 2 миэстэни Айастаан Семёнов уонна 1- кы бочуоттаах миэстэни ылла Юлиян Иванов.
     Күрэх түмүгүнэн, 1 – кы миэстэлээх оҕолор, олунньу 13 күнүгэр, биир хамаанда буоланнар, улууска аан бастакытын ыытыллар *Бастакы* *аа5ыы* *курэ5эр*  кытта барар чиэскэ тигистилэр. О5олорбутугар ситиһиилэри, кыайыыны – хотууну баҕара хаалабыт.