П.А. Ойуунускай 130 сааһа.

Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, уһулуччулаах политическэй деятель, лингвист-учуонай *Платон* *Алексеевич* *Ойуунускай* *төрөөбүтэ* *130* сылын көрсө, Мэйик сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэригэр “Ойуунускай айымньыларынан хаартыскаҕа дьүһүйэн түһэрии” күрэһэ ону тэҥэ “Мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа” диэн Уоланнарга уус – уран аа5ыы үрдүк таһымҥа буолан ааста.
        Тэрээһин саҕаланыытыгар Ойуунускай оло5ун, айар – үлэтин туһунан сырдатылынна. Киниэхэ анаммыт кинигэ быыстапкатын кэпсээн, хаартысканан олорбут алааһа, балаҕана сырдатылынна.
       П. А. Ойуунускай айымньыларынан хаартыска5а дьүһүйүү курэххэ, кылаас салайааччылара  сурдээ5ин бэлэмнэммиттэрин көрдөрдүлэр, ол курдук танастарыгар – саптарыгар, туттар тэриллэригэр тиийэ бэринэн, тоҥуу хаары үрдүнэн тэпсэннэр, дириҥ ис хоһоонноох, ханнык  айымньы буоларын  толору көрдөрөр ис хоһоонноох  хаартыскаларга түһэннэр, курэхпит сыалын – соругун ситэрэн биэрдилэр. Ол курдук үһүс бочуоттаах миэстэни “О5о куйуурдуу турара” айымньыттан, 7 кылаас үөрэнээччитэ Алгыс Спиридонов 2 – с миэстэни “Өйдөөх о5о” айымньыттан Андриан Николаев, Айсен Егоров уонна ” Өрүөл кэриэһэ” айымньыттан, дьиҥнээх курдук оҥостоннор 6 кылаас уоланнара, Арсений Федоров, Айсен Егоров, Андриан Егоров 1 кы бочуоттаах миэстэни ылары ситистилэр. Алын сүһүөх кылааска “О5о куйуурдуу турара” айымньыттан, балыгар тиийэ бэриммит, Харысхан Михайлов уонна” Саһыл уонна булчут” айымньыттан  Талбан Федоров 1 гы миэстэни ыланнар үөрдүлэр – көттүлэр.
      “Мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа” хоһоон курэ5эр, уолаттар сахалыы таҥастанан, боччумнаахтык туттаннар, Ойуунускай убайбыт айан хаалларбыт, дириҥ ис хоһоонноох хоһооннорун долгуйан тураннар доргуччу аахтылар.Ол курдук 3 миэстэни Даниель Васильев, 2 миэстэни Андриан Николаев, 1 кы миэстэни 6 кылаас үөрэнээччилэрэ Айсен Егоров, Арсений Федоров, Андриан Николаев ыланнар, харахтара үөрүүнэн туолан, санаалыын дуоьуйдулар. Алын сүһүөх кылааска 1 гы миэстэни 4 кылаас үөрэнээччилэрэ, Харысхан Михайлов, Талбан Федоров, Дамир Федотов буоллулар.
      Бары кыттыбыт уолаттарга Добун сурук, миинньигэс шоколад ону тэҥэ көҕүлээн, бэлэмнээн кытыннарабыт кылаас салайааччыларыгар Махтал сурук туттарылынна.
        Бу курдук улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай  130 сылын өрө күүрүүлээхтик, ахтан – санаан, бэлиэтээн аастыбыт.