Үөһээ Бүлүү улууһугар бу дьыл сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт ийэ тылбыт хараҥаччыта, лиҥкибиис – учуонай, саха саарына, Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ.
Манна сиэттэрэн, быйылгы дьыллаахха үбүлүөйдээх суруйааччы Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан, дьыктааны “О5о куйуурдуу турара” айымньыттан суруйдулар.
Сэтинньи 7 күнүгэр “Биһирэм тыл күнүн” иитинэн үһүс төгүлүн “Дапсы дьыктаана” аахсыйа5а Мэйик нэһилиэгэр уопсайа оҕолуун 17 киһи кыттыыны ылбытыттан, биир да сыыһата суох суруйан “Туйгун суруксут” анал аат иҥэрилиннэ, Марианна Степановна Потапова5а, “Үчүгэй суруксут” аат Александра Ивановна Львова5а, Ирина Васильевна Васильеваҕа иҥэрилиннэ. Кыттыыны ылбыт дьоммут бары да кэриэтэ дьоһуннаахтык суруйдулар диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Дьыктаан суруйууга сылтан сыл элбээн иһэллэрэ хайҕаллаах дьыала, бу курдук өрүү биир сомоҕо буолан, ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөх буолуҥ диэн ыҥырабын. Бары кыттыыны ылбыт дьоммор махтал маанытын аныыбын.






