Ааспыт ыйга, аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн, икки хамаандаҕа арахсан, литературнай викторина буолбута. 1 кы хамаанда Дьогдьоохтор, 2 с хамаанда Долгунчалар. Бары да саастаах буоланнар, кинигэни кытта алтыспыттара өтө биллэр, бары боппуруостарга сурдээ5ин эппиэттээн, бэрт кыра очукуонан Долгунча хамаанда бастаан, үөрүүлэрэ үксээн, санаалыын сылаанньыйан, бырааһынньыктыыр настырыанньалара өрө көтөҕүллэн , үөрдүлэр – көттүлэр. Манна даҕатан эттэххэ, маннык буолар тэрээьиннэргэ, аҕам саастаах дьоммутугар болҕомто уура түһэн, бу курдук викториналары өрүү тэрийэн, өй үлэтин улэлэтиэххэ сөп эбит диэн санааҕа салайтаран, кэлэр сылга өссө уларытан, күрэ5и кэҥэтэ туьуеххэ сөп эбит дии санаатым.



