Наставник уонна педагог сылын чэрчитинэн аҕам саастаах учууталларга ахтыы киэһэтэ.

Бүгүн, алтынньы ый 10 күнүгэр, Мэйиктээҕи ааҕар дьиэҕэ сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох, аҕам саастаах наставник учууталларга, “Эҕэрдэ эйиэхэ” диэн ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Бэлиэ күҥҥэ кыттыыны ыллылар, Валентина Васильевна,Валентин Михайлович Поповтар, Маргарита Егоровна Борисова, Владимир Афанасьевич Федоров, Зоя Васильевна Бускарова, Любовь Романовна Семенова,Василий Петрович Санников, Анатолий Николаевич Николаев. Бары да оччотооҕу кэмҥэ куустаран, элбэҕи кэпсээтилэр, дууһалыын көнньүөрэн ааспыты ахтыстылар. Үлэлээн ааспыт дьоннорбутун санаан, ол ааспыт кэмнэргэ төннө түһэн, харахтарыгар дьол кыыма саҕан, үөрдүлэр – көттүлэр. Маргарита Егоровна, үөрэтэн ааспыт 8 выпуһугар анаан альбом онорон аҕалбытын олус сэҥээрэ көрдүбүт. Бу маннык передача, кэлэр көлүөнэҕэ иитэр – үөрэтэр да өттүнэн буолуон сөп  уонна оттон  үйэтитиигэ эмиэ сүҥкэн улахан кылаат диэхпин баҕарабын. Бүгүн мустубут бар дьоммут бары да5аны айар талаан умсулҕаныгар куустарбыт, туһунан айылгылаах дьоннор. Зоя Васильевна Бускарова, а5ыйах хонуктааҕыта курэххэ кыттыбыт, Тамара Ивановна Яковлева5а анабыл  хоһоонун аа5ан,бары кэриэтэ  дууһалыын долгуйдубут. Күндү дьоммут өссө да айын- тутуҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ диэн туран, биэриибитин түмүктээтибит.