Музыка күнэ.

“Музыка для всех” бырайыак чэрчитинэн, бугун алын сүһүөх о5олоругар “Ырыа олох аргыһа” диэн Советскай союз народнай артыыската, быйылгы дьылга үбүлүөйдээх саастаах, киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахпыт, ытык киһибит, Анегина Егоровна Ильина5а аналлаах тэрээһин буолан ааста. О5олор оттомноохтук олорон сэҥээрэ иһиттилэр, Анегина Егоровна5а туһуламмыт кинигэ – хаартыска быыстапкатын бол5ойоннор көрдүлэр. Мэйик сурун оскуолатын муусукаҕа учуутала, Анегина Ильина репертуардарыттан билиһиннэрэ таарыйа иһитиннэртээтэ. Бу курдук биллэр дьоммут тустарынан, түгэн көһүннэр эрэ о5олорго сырдатарбыт, хайаан да наадалааҕын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтибит.