Библионочь 2023

Мэйик библиотекатыгар хас сылын аайы ыытыллар  бүтүн Россиятааҕы    “Библионочь” тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Ол курдук, кыра кылаас о5олоругар “остуоруйа алыптаах эйгэтэ” остуоруйа кэпсэннэ, бары биир тыынынан, сэнээрэн олорон дуоһуйа  иһиттилэр.
       Мэйик сурун оскуолатын технологияҕа учуутала, Айталина Васильевна, кинигэ5э харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар анаан, 4-с кылаас  о5олоругар  кинигэ5э туттуллар кыраһыабай закладка5а маастар кылаас оҥордо. Оҕолор сурдээ5ин астына, умсугуйан туран үлэлээтилэр. Ол кэннэ 5-6 кылаас о5олоро “Мин кинигэни таптыыбын” диэн темаҕа өйтөн  хоһоон суруйарга холоннулар.          Айар талааннарын  уһугуннаран , о5о бэйэтин санаатын сайа этэригэр кыах биэрэн, тыллары наардыы тутан сурукка  тиһиннэрэн, кэрэхсэбиллээх айымньылары иһитиннэрэннэр, үрдүктүк сыаналаннылар. Хоһоон түмүгүнэн, 3-с миэстэни 5 – с кылаас үөрэнээччитэ, Арсений Федоров, 2-миэстэни 6 кылаас үөрэнээччитэ Дарина Семёнова уонна 1 – кы бочуоттаах миэстэни үөрэх бастыҥа, Петя Николаев ылары ситистэ. Бары кыттыбыт хоһоонньуттарга туоһу суруктар, грамоталар туттарылыннылар. Киэргэтиллибит фотозона5а үөрэ – көтө хаартыска5а түстүлэр.
         Былаан быһыытынан ыытыллыбыт “Библионочь” тэрээһин сыалын ситэн, кыттыбыт оҕоҕо  барыаларыгар туоһу сурук, миинньигэс бэлэх туттарылынна.
        Ааҕар дьиэ5э мустаммыт,
         Айар талаан арыллар,
           Ааҕар кинигэ арааһын,
           Астына – дуоһуйа көрөбүт.
           Ааҕар дьиэ5э киирдэххэ,
            Ааһан биэрбэт ахтылҕан,
            Ааспыт кэми санатар,
            Араас элбэх хаартыската,
            Алыптаахтык угуйар.
            Аа5ыах, айыах до5оттор,
           Ааҕар дьиэни тумнумуох!

Ньургууна Чирикова