Кинигэ күүһэ

Республиканскай 5-с төгүлүн ыытыллар “Кинигэ күүһэ” акцияҕа Мэйик сынньалаҥ киинигэр өр сылларга директорынан үлэлээбит, билигин художественнай салайааччынан үлэлии сылдьар, Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын культуратын  үтүөлээх үлэһитэ,о5о эрдэҕиттэн  кинигэни до5ор оҥостубут, Джемма Иннокентьевна Федотова бэйэтэ сөбүлээн аахпыт кинигэлэрин, о5олорго сурдээх иһирэхтик, ис сүрэҕиттэн иэйэн туран кэпсээтэ. Кинигэни элбэхтэ ааҕар туох туһалааҕын, бэйэтэ историческай хабааннаах кинигэлэри ааҕарын билиһиннэрдэ.  Киһи олорорун тухары үөрэнэр, кинигэттэн  киһи элбэ5и билэр  диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
      Россияҕа учуутал уонна уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн, акция5а Мэйик
сүрүн оскуолатын директора, Анатолий Анатольевич Иванов кыттыыны ылбыта, тэрээһини силигин ситэрэн биэрдэ. Анатолий Анатольевич, учууталлар династияларын салҕааччы буоларын да быһыытынан, этнопедагог Константин Чиряев сурдээх сэдэх уонна интэриэһинэй кинигэтин туһунан билиһиннэрдэ. Бу кинигэ киниэхэ эбэтиттэн Валентина Николаевнаттан тиксибитин киэн тутта кэпсээтэ. Уопсайынан урукку кинигэлэри үчүгэйдик харайан, илдьэ сылдьан аа5ыллыахтаа5ын оҕолорго үөрэтэр курдук сүбэлээтэ.
     Этэргэ диэри, билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ, оҕону интэриэһиргэтэр кинигэлэр элбэхтэрэ, оҕо билиитин кэҥэтэригэр, араас дьэрэкээн ойуулаах кинигэлэр тахса тураллара  сурдээх кэрэхсэбиллээх. О5о онтон элбэххэ үөрэнэрэ саарбаҕа суох. Ол да курдук, 5 кылаас үөрэнээччилэрэ, дьиэлэригэр сөбүлээн илдьэ сылдьар кинигэлэрин а5алан быыстапка5а туруордулар, бэрт интэриэһинэйдик кэпсээн, о5олор интэриэстэрин күүскэ тартылар, төрөппүттэрин, учууталларын көмөлөрүнэн кинигэ мунньалларын сэһэргээтилэр.
       Түмүккэ этиэ5и баҕарыллар, маннык акциялар ыытыллаллара, улахан киһиэхэ, оҕолорго да, кинигэ5э таптал, кинигэҕэ интэриэс, тус бэйэтэ сайдарыгар  улахан олук буолара саарбаҕа суох.

Ньургууна Чирикова