Народнай диктант.

Славянскай сурук уонна культуратын кунугэр анаммыт народнай дьыктаан , бугун оруобуна пионерия күнүгэр түбэһэн, олохтоох ааҕар дьиэ5э бэрт ураты уонна сэргэх тэрээһин буолан ааста. Бу тэрээһини көҕүлээн ыытыста, Мэйик сурун оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Александра Никифоровна Федорова. Дьыктаанна уопсайа  барыта 9 киьи кыттыыны ылла. Ол курдук “Ситим” “Сайдыына” эбээлэр түмсүүлэрэ, Мэйик сурун оскуолатын уонна сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ. Сурук түмүгүнэн, 2-с миэстэни ылбыт Александра Ивановна Алексеева5а, Джемма Иннокентьевна Федотова5а, 1-кы миэстэни ылбыт Мария  Афанасьевна Яковлева5а, Лена Михайловна Прокопьева5а грамота, көхтөөх кыттааччыларга туоһу суруктар туттарылыннылар.
        Тэрээһиммит киэҥ далааһыннаах буолан биэрдэ. Дьыктаан кэннэ аалай кыһыл хаалтыстаах, доҕордоһуу ырыата ылланна, урукку пионердар хаартыскаларын быыстапкатыгар хаартыска5а түһүү уонна итии үүттээх чэй иһэ, иһэ урукку пионерскай кэмнэри саҥатыьан, төгүрүк остуол тула олорон, ааспыт кэм ахтылҕанын ахтан- санаан аастылар , дуоһуйа кэпсэттилэр. Урукку  уонна билиҥҥи  кэм ыччатын тэҥнээн көрөн баран, пионерскай организация ыьыллыбакка, билигин да баара эбитэ  буоллар диэн баҕа санааларын үллэһиннилэр.
         Бу курдук, кыратык да буоллар, ааспыт кэмнэ  умса түһэн ылан, ол онно ыраах  хаалбыт кэрэ сыллары ахтан – санаан, сүрэхтэригэр сөҥө сылдьар, төннүбэт кэрэ түгэннэри саҥатыьан, кулэн – үөрэн ыллылар.
             Тугэнинэн туһанан бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ үөрэ – көтө кэлэн кыттыыны ылбыт бар дьоммор, дьыктааны ыытыспыт Александра Никифоровна5а, сылаас махталбын биллэрэбин.