Бугун, муус устар 13 күнүгэр, Космонавтика күнүн чэрчитинэн алын сүһүөх кылаас о5олоругар сурдээх сэргэх уонна интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста.
Ол курдук, Аан дойдуга бастакы космонавт, Советскай союз геройа Юрий Алексеевич Гагаринна аналлаах кинигэ быыстапката туруорулунна. Космонавтар тустарынан сэһэргээһини сэнээрэн олорон иһиттилэр. Экраҥҥа космонавтика туһунан о5олорго аналлаах мультфильмы биир тыынынан астына кердулэр.
Ол кэннэ о5олор икки хамаандаҕа арахсан күрэхтэстилэр. Мүнүүтэҕэ пазл хомуйдулар, космонавтика5а сыһыаннаах тургутукка эппиэттээн, араа-бараа баал ыланнар, Восток 1 хамаанда 1 кы миэстэни, Запад 2-с миэстэни ылары ситистилэр уонна минньигэһинэн, кыттыбыттарын туоһулуур туоһу суруктары туттулар. Онон, Космонавтика5а аналлаах медиаурок олус сэргэхтик буолан ааста.






