Бастакы бэрисидьиэммит, М. Е. Николаев 90-с сылларга, Саха сиригэр мэдиссиинэни күүскэ сайыннарбыта саарбаҕа суох. Ол төрүөтүнэн, олунньу ый бүтэһик күннэригэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа национальнай күнэ бэлиэтэнэр.Бэлиэ күн чэрчитинэн, олунньу 28 күнүгэр, Мэйиктээ5и ааҕар балаҕан дьиэтигэр “Доруобуйа – чөл олох төрдө” диэн сүрдээх истиҥ уонна сэргэх тэрээһин буолан ааста. Манна этиллибитин курдук, Мэйиктээ5и ФАП олохтоох фельдшера, Раиса Николаевна Павлова олус туһалаах сүбэлэри биэрдэ, эти- хааны чэбдигирдэр туһатын туһунан, Иван Петрович Чириков кэпсээтэ ону тэҥэ, сөпкө аһааһын доруобуйаҕа туһатын, Джемма Иннокентьевна Федотова эмиэ сүрдээх үчүгэйдик билиһиннэрдэ, бэйэтэ эмиэ хайдах аһы аһаан, доруобуйатын тупсарынарын туһунан дьоҥҥо сырдатта. Уопсайынан ылан көрдөххө, бэйэ аһын, эти, балыгы, үрүҥ аһы, көтөр – сүүрэр этин сиэтэхпитинэ, сирбит аһынан утах оҥостон истэхпитинэ, эппитигэр – хааммытыгар ордук иҥэмтиэлээх буолуо этэ диэн, санааларын үллэһиннилэр. Кырдьыга даҕаны,биһиги тыйыс айылҕабытыгар, өбүгэлэрбит саҕаттан сиэниллэн кэлбит астары аьаатахпытына, чөл туруктаах,киппэ эттээх – сииннээх, доруобай буолуохпут турдаҕа.
Кыттыыны ылбыт ыалдьыттар, о5олор сурдээ5ин сэнээрэн олорон иһиттилэр, билбэтэхтэрин биллиэхтэрэ, истибэтэхтэрин иьиттэхтэрэ, тустарыгар туһаныахтара диэн эрэниэҕи баҕарыллар. “Доруобай буолуу – чөл олох төрдө” кинигэ быыстапкатын сэнээрэн көрдүлэр, иһиттилэр. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт бар дьоммор махталбын тиэрдэбин. Чэгиэн – чэбдик, доруобай буолуҥ!




