


Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар ** саха төрүт тылын уонна суругун-бичигин күнүн иитинэн, олунньу 18 күнүгэр күнүс 12 :00 чаастан, үгэс буолбут “Сахалыы дьыктаан”суруйуута буолан ааста. Барыта а5ыс суруксут кэлэн суруйда. Үһүс Добун суругу, алын сүһүөх учуутала, Лена Михайловна Прокопьева, иккис Добуну Мэйик оскуолатын тех. улэьитэ, Александра Ивановна Алексеева уонна муҥутуур, бастакы Добун суругу ылары ситистэ, В. Н. Титов аатынан культура киинин художественнай салайааччыта, Джемма Иннокентьевна Федотова. Кыттыыны ылбыт бары дьыктаан суруйуутун кыттыылаахтарыгар туоһу сурук туттарылынна.