“Подари радость – подари книги” Акция5а биһиги нэһилиэккэ кыттыыны ылбыттара хайҕаллаах суол. Ол курдук, Мэйик нэһилиэгин олохтооҕо, барытыгар инники күөҥҥэ сылдьар, эдэрдэргэ холобур буолар, библиотека биир бастыҥ аа5ааччыта, Александра Ивановна Львова, акция5а кыттыһан сэмэй кылаатын киллэрсэн, библиотека5а дьон ааҕарыгар диэн, сахалыы кинигэлэри бэлэх уунна. Нэһилиэк эмиэ биир общественнига, предприниматель, дьоҥҥо – сэргэҕэ өрүү көмөлөһөр, Яна Саввична Санникова, түөлбэттэн биирдии ыалга канцтовар бэлэх уунан, о5олор үөрүүлэрэ муҥура суох. Ол курдук Чолбон түөлбэҕэ Александра Васильева о5олоругар, Чаҕылҕан түөлбэҕэ, со5отох ийэ, Марианна Васильева о5отугар, Дьүкээбил түөлбэҕэ, соҕотох ийэ, Наталья Николаева оҕотугар уонна Чэчир түөлбэҕэ элбэх оҕолоох, Мария, Ион Алексеевтар о5олоругар туттартаата. Ону таһынан, кыра о5олорго аналлаах, уруьуйдуур чараас кинигэлэри, библиотека5а биэрдэ. Бу курдук аламаҕай санаалаах, дьоҥҥо үтүөнү баҕарар дьоннордоохпутунан киэҥ туттан туран, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары үчүгэйи, доруобуйаны баҕара хаалабыт. Буолар тэрээьиннэргэ туора турбакка, еруу кытта тураргытыгар. Атыттар, Александра Ивановна, Яна Саввична холобурдарын ылынан, кэлиҥҥи өттүгэр кыттыахтара диэн эрэнэбит.





