Олунньу 9 күнүгэр, РСФСР уонна ССРС норуодунай артыыһа М.И.Глинка аатынан РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха сирин оператын кылаан чыпчаала, Анегина Егоровна Ильина -Дмитриева төрөөбүтэ 80-н сааһыгар аналлаах олохтоох библиотека тэрийиитинэн “Төгүрүк остуол” ыытылынна.
Кыттыыны ыллылар, ” СР үөрэҕириитин туйгуна Владимир Афанасьевич Федоров, “СР култууратын үлэһитэ” Джемма Иннокентьевна Федотова, Мэйик сурун оскуолатын музыка5а учуутала, Любовь Романовна Семёнова, О5о хамсааһынын салайааччыта, Лира Дмитриевна Шологонова уонна Мэйик сурун оскуолатын “Эрэл “о5о хамсааһынын о5олоро. Оҕолор Анегина Егоровна олоҕун , айар үлэтин туһунан бэрт элбэҕи интэриэһиргээн иһиттилэр, ыйытыктары биэрдилэр. Лира Дмитриевна слайданан, Анегина Егоровна олоҕуттан, айар үлэлэриттэн көрдөрөн кэпсээтэ, Владимир Афанасьевич, Мэйиккэ олоро сылдьыбыттарын, дьонтон истибитин быһа тардан кэпсээтэ, Джемма Иннокентьевна айар үлэтин, ханнык курэхтэргэ кыттыбытын сэһэргээтэ, Любовь Романовна Анегина Егоровна ырыаларыттан иһитиннэрэн, тэрээһини силигин ситэрэн биэрдэ.”Ырыа- олох аргыһа”кинигэ быыстапкатын, о5олор интэриэһиргээн көрдүлэр. Манна даҕатан эттэххэ, Мэйиктэн төрүттээх Саргы Лукинична уонна Анегина бииргэ төрөөбүт быраатын уола, Егор Ильин ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн , Мэйик нэһилиэгэ, буоларын курдук,ситии силимин курдук быстыспат ситим буолан, күн баччаҕа диэри, Анегина Егоровнаны кытта олохпут саҕыллар эбит. Түмүккэ этиэ5и баҕарыллар, Анегина Егоровна, өссө да кэрэ, чуор куолаьа ыраахха диэри дуораһыйа иьиллиэ5ин, бу курдук улуу ырыаһыт биьиги түбэбитигэр олоро,киэҥ алаастарбытынан көччөх гына көтө – дайа сылдьыбыт эбит диэн киэн тутта саныыбыт. Дьоллоох, уһун оло5у баҕара хаалабыт.






