Новости

Муус устар 27 күнэ – саха норуотугар саамай үөрүүлээх уонна күндү күн. Бу күн, 100 сыл анараа өттүгэр, саха чулуу ыччаттара Исиидэр Бараахап, Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Степан Аржаков уонна да атын кинилэр биир өйдөөх санаалаах үөлээннээхтэрэ Саха Автономиятын төрүттээбиттэрэ, саха норуотун саргытын түстээбиттэрэ. Онон, бу улуу дьоммут албан ааттарыгар сүгүрүйэн, бүгүн Өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыгар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Бу, үөрүүлээх күҥҥэ биһиги Мэйикпит нэһилиэгэр киирии аартыктан саҕалаан чулуу дьоммут “Ытыктыыбыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!” диэн суруктаах мэтириэттэрин тутан былаахтаах, араас өҥнөөх шариктарынан симэнэн нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ барыта 100 буолан колонанан хаамтылар. Салгыы В.Н.Титов аатынан культура дьиэтин иннигэр буолар митиҥҥэ муһуннулар. Эҕэрдэ тылы баһылык эбээһинэһин толорооччу А.В.Тимофеев, төрүт культура учуутала В.А.Федоров, оскуола коллективын аатыттан Н.А.Саввинов, культура тэрилтэтин аатыттан Г.А.Иванова эҕэрдэ тыллары эттилэр. Саха омук үгэһинэн бука бары оһуохайы санаалыын көтөҕүллэн олохтоотулар. Үҥкүү тылын таһаарда улуустааҕы оһуохай күрэҕин кыайыылааҕа 9 кыл.үөрэнээччитэ Эрнест Николаев. Бу, бэлиэ күн биир дойдулаахпыт суруйааччы, прозаик В.Н.Титов төрөөбүт күнүгэр анаан кини бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, хаартыскаҕа түстүлэр. Тэрээһин чэрчитинэн салгыы кулууп үрдүк сыанатыгар нэһилиэк тэрилтэлэрин, үөрэнээччилэрин холбоһуктаах хора ылланна. “Мин дойдум Саха сирэ” викторинаҕа кытыннылар. 1м. М.В.Егорова, 2м. А.В. Иванова, 3м. Д.А.Николаев, биһирэбил бирииһи В.М.Муксунов ыллылар. Олохтоохторго киэһээҥҥи сынньалаҥ улахан концердынан түмүктэннэ.

Дойду үрдүнэн ыытыллыбыт Республиканскай медиаурокка “100 фактов к 100 летию ЯАССР” оскуола 8-9 кл. үөрэнээччилэрэ кытыннылар уонна история учуутала Н.А.Саввинов.

Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн “Олоҥхо алгыстаах чорооно” Боотулуу нэһилиэгин администрациятын, культуратын киинин делегацията Мэйик нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытыгар Андрей Владимирович Тимофеевка аҕалан үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтэ, олохтоохтор, үөрэнээччилэр үөрүүлэрин үксэттэ.