Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, В. Н. Титов аатынан култуура сынньалаҥ киинигэр Кыайыы 81 сылын көрсө ” Улуу кыайыы умнуллубатын” диэн нэһилиэк олохтоохтооругар викторина буолан ааста. Барыта үстүү киһилээх 8 -с хамаанда күөн көрүстэ. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн үһүс бочуоттаах миэстэни Март Афанасьевич Яковлев, Николай Николаевич Прокопьев, Иван Анисимович Павлов кыттааччылаах ” Дьөһөгөй” хамаанда ылла, иккис миэстэни Айталина Васильевна Иванова үөрэтэр кылааһын оҕолорун Андриан Николаев, Айсен Егоров ” Панфиловцы” хамаандата, бастакы миэстэ өрөгөйүн билбит оскуола хамаандата, Любовь Романовна Семенова, Иван Петрович Чириков, Анатолий Николаевич Николаев .”МООШ” хамаандата .
Саалаҕа ” Кыайыы кынаттаах айымньылар” кинигэ быыстапката, ” Дойдум хорсун дьонун аата хаһан да өлбөөдүйбэт” хаартыска быыстапката, ” Туох да умнуллубат, ким да умнуллубат” уруһуй быыстапката ону тэҥэ сэрии бэтэрээнэ Иван Яковлевич Яковлев чымадаанын быыстапката турдулар.
Салгыы Кыайыы искибиэригэр ” Өйдөбүнньүк чүмэчитин ” уураары муһуннубут.
Сир үрдүгэр күөх халлаан сатыылаан, эйэлээх олох сандаара тыгыахтын!
















