Суруйааччы, прозаик, суруналыыс, СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Титов Василий Николаевич төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах “Этиллибэтэх кырдьыгы арай кини эрэ иһиттэ5э…” литературнай киэһэ, ыам ыйын 5 күнүгэр, В. Н. Титов аатынан култуура сынньалаҥ киинигэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллан ааста. Тэрээһиҥҥэ эрдэттэн ыйыллыбытын курдук, Далыр нэһилиэгэ кыттыһан, ураты тыыннанан, бэрт сэргэхтик буолан ааста. Ол эбэтэр, Баһылай Тиитэп алын кылааска үөрэнэ сылдьан, тулаайах хаалан, эбэтигэр иитиллэр буолан, Далыр оскуолатын үөрэнээччитэ буолан, олоҕун кэрэ, умнуллубат кэмнэрэ Далырга, эбэтигэр ааспыта. Онон сиэттэрэн икки нэһилиэк кыттыһан ыыттахпытына арай хайдаҕый диэн санааттан, Далыр баһылыгар Георгий Егоровичка тыл көтөҕөммүт, күрэхтэр бириистэрин аҥаарын биэрэбин диэн, биһиэхэ утары баран, биир дойдулаахпыт сырдык аатыгар, кини аатын үйэтитэргэ, элбэх күрэхтэр ыытылыннылар. Ол курдук кылаас чаастара, улуус библиотекатын үлэһиттэригэр виртуальнай быыстапка, анабыл хоһоон айыытыгар, саха тылын учууталларыгар, улахан дьоҥҥо, оҕолорго Тиитэп айымньыларынан уруһуй күрэхтэрэ. Бу барыта үйэтититиигэ аналлаах буоларын ситиһэ сатаан, сыл аайы матарыйаал гынан туттуохтара диэн санааттан. Кылаас чаастарын туһунан бэрт кылгастык сэгэтэ түһэн сырдатар эбит буоллахха, төһө матарыйаал баарынан туттубуттар, ыытыллыбыт кылаас чаастара барыта тус туһунан буочардаахтар, ол эбэтэр оҕону сылаппат курдук араас хайысхалаах гына оҥообуттара кэрэхсэбиллээх. Валентина Васильевна ыыппыт кылааһын чааһыгар эбээ Кэтириинэҕэ ордук күүскэ сыһыаннаах эбит этэ, үчүгэй баҕайытык ыпсарыллан оҥоһуллубута өтө көстөрө. Сахалыы таҥастанан, алаадьылаах көрсүбүттэрэ эмиэ ураты көстүүнү биэрбитэ. Владимир Афанасьевич кылааһын чааһа улахан кылаас оҕолоругар ыытыллыбыта, улахан- киэҥ далааһыннаах, ” Этиллибэтэх кырдьыгы – арай кини эрэ иһиттэҕэ” диэн бэйэтин кэпсээнинэн саҕаламмыта. 2006 сыллааҕы улууска бара сылдьан уһуллубут ахтыы видеолары дискаттан таһааран көрдөрөн улахан сэҥээриини ылбыта. Елена Николаевна, Варвара Михайловна кыттыгас кылаас чаастара, алын сүһүөх оҕолоругар ананан оҥоһуллубута эмиэ интэриэһинэй, оҕоҕо тиийимтиэ этэ. Далыртан музей үлэһитэ Альбина Спиридоновна кылаас чааһыгар кыттан, күрэҕи кэҥэтэн биэрбитэ.
Олохтоох библиотекаҕа саха тылын учуутала ” Мин Тиитэби билэбин” диэн ааттаах сэргэх викторина ыытан, дьон – сэргэ чахчы астынан тарҕаспыта.
Суруйааччы Василий Титов төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт
күрэхтэр түмүктэрэ,
Үөһээ Бүлүү улууһун библиотекаларын үлэһиттэригэр “Киһи буолан бу сиргэ кэлбит үтүө айылгым” виртуальнай быыстапка
1 миэстэ-Никифорова Лидия Федоровна, Сургуулук модельнай библиотеката
2 миэстэ-Захарова Ирина Ильинична, Өргүөт модельнай библиотеката
3 миэстэ-Баянаева Марина Николаевна, Быракаан библиотеката.
Далыр, Мэйик оскуолалаларын кылаас салайааччыларыгар “Эн аатыҥ ааттана туруоҕа” кылаас чааһа
1 миэстэ-Федоров Владимир Афанасьевич, Мэйик сүрүн оскуолата
2 миэстэ-Габышева Альбина Спиридоновна, Далыр орто оскуолата
3 миэстэ-Попова Валентина Васильевна, Мэйик сүрүн оскуолата
Биһирэбил: Потапова Варвара Михайловна , Васильева Елена Николаевна , Мэйик сүрүн оскуолата
Үөһээ Бүлүү улууһун саха тылын, литературатын учууталларыгар В.Титов айымньыларынан саха литературатын уруогун разработката
1 миэстэ-Филиппова Алена Юрьевна, Колтовская Туйаара Николаевна, Н.Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолатын учууталлара
2 миэстэ-Афанасьев Юрий Семенович, Далыр орто оскуолатын учуутала
“Иэйиибин хоһооммор тиһэбин” Василий Титовка анабыл хоһооннор
1 миэстэ-Силигиянова Марта Симоновна, Үөһээ Бүлүү
2 миэстэ-Ксенофонтова Любовь Алексеевна, Сургуулук
3 миэстэ-Илларионов Анатолий Иванович
Биһирэбил: Николаева Лина, 8 кылаас, Харбалааах орто оскуолата, Ньуур Нарыйаана Васильевна, Ороһу
“Тиэргэҥҥҥэ түспүт кустук” Василий Титов айымньыларынан уруһуй күрэҕэ
Оҕолор
1 миэстэ-Эппяхова Уйгулаана, 9а кылаас, Үөһээ Бүлүү №3 оскуола 2 миэстэ-Михайлова Ирина, 9 кылаас, Өргүөт орто оскуолата
3 миэстэ-Андреев Эльдар, 5 кылаас, Өргүөт орто оскуолата
Биһирэбил: Платонова Далаана, 8 кылаас, Үөһээ Бүлүү №3 оскуола,
Степанова Сайаана
Улахан дьон
1 миэстэ-Васильева Оксана Николаевна, Өргүөт
2 миэстэ-Михайлова Галина Никитична, Өргүөт.
Тэрээһиммит В. Н. Титов паматынньыгыттан саҕаланна. Иилээн – саҕалаан ыытта, Баһылай Тиитэп хаан уруу балта, В. Н. Титов аатынан култуура киинин уус уран салайааччыта, Сардаана Николаевна Николаева . Манна пааматынньыгы хаһан, хайдах оҥоһуллубутун итиэнннэ кулууп аата хаһан иҥэриллибитин сырдаттылар. Далыр баһылыга Георгий Егорович, өр сылларга библиотекарынан үлэлээбит Галина Абрамовна , Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала Владимир Афанасьевич тыл эттилэр, кэлбит ыалдьыттар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Тэрээһинтэн киириигэ сахалыы таҥастаах ” Сайдыына” түмсүүлэр киирбит ыалдьыттары алаадьынан айах тутан, эҕэрдэлии көрүстүлэр. Иккис чааспытыгар литературнай ахтыы буолан ааста, иилээн- саҕалаан ыытта, Баһылай Тиитэби үйэтитэргэ үлэлэһэр киһибититтэн биирдэстэрэ, Владимир Афанасьевич Федоров. Бу манна Баһылай Тиитэби илэ да көрсүбүттэрин , дьонтон да истибиттэрин сэһэргээтилэр. В. Н. Титов туһунан элбэх сылаас, истиҥ тыллар этилиннилэр. Кини олоҕун суола, айар үлэтэ эдэр көлүөнэҕэ холобур буолара бэлиэтэннэ. Ыҥырыылаах ыалдьыппытынан Далыртан Илларионов Анатолий – Туола Тарбыанап, бэйэтин хоһооннорун суруйбут кинигэтиттэн бэлэх уунан тэрээһини өссө ситэрэн биэрбитэ. Мэйик сүрүн оскуолатын учуутала, Маргарита Егоровна Борисова, В. Титов Уус Алдаҥҥа үлэлии сылдьыбыт хаартыскаларын булан онон буклет оҥорон, сүрдээх үчүгэй булумньуну, матарыйаалы бэлэх уунан сүргэбитин көтөхтө, үөрүүбүтүн үксэттэ.
Тэрээһиммит үһүс чааһыгар Баһылай Тиитэп айымньыларынан , ахтыыларынан, икки нэһилиэк испэктээкиллэрин ону тэҥэ эҕэрдэ ырыалар, кини хомоҕой хоһоонноро , Баһылай Тиитэпкэ анабыл хоһооннор ааҕылыннылар. Мэйик нэһилиэгэ, Баһылай Тиитэп эбэтигэр анаан суруйбут ” Сүрэҕим сылааһа” кэпсээниттэн сценарий суруйан туруордубут. Сыана декорациятын сайыҥҥылыы айылҕалаан, мас дьиэлээн, былыргы ыскаабар тиийэ туруоран Марианна Степановна Потапова оҥордо.Испэктээккэ Яна Саввична Санникова салайааччылаах ” Сайдыына ” түмсүүтэ урукку отчут кыраабыллаах кыргыттары арылхайдык оонньоон көрдөрдүлэр, Баһылай Тиитэп кыра эрдэҕинээҕитин аймаҕа уол Айсен Егоров, доҕор уолаттары Андриан Николаев, Петр Николаев,эбэтэ Кэтириинэни – Василина Павлова, остуорас Балбаараны – Лидия Семенова, Далыр нэһилиэгин кыра уолаттарын оруолларын, Сайаан Семенов, Эрсан Федоров, Рамиль Васильев, Отчут дьээдьэлэри Николай Саввинов, Вячеслав Федотов, Баһылай Тиитэби- Геннадий Федоров, сценарийы суруйан туруорда, Ньургууна Чирикова. Далыр нэһилиэгин олохтоохторо, Аммаҕа ВЛКСМ райкомун бастакы сэкэритээринэн үлэлээбит кэмиттэн тэттик туруорууну толордулар. Оччотооҕу ыччат Комсомолга киириилэрин, ырыаларын – тойуктарын бэрт сэргэхтик көрдөрдүлэр.
Олохтоох администрация кэлбит ыалдьыттарга, Баһылай Тиитэби үйэтитиигэ үлэлэспит, үлэлэһэ сылдьар дьоммутугар, өйдөбүнньүк гына Баһылай Тиитэп мөссүөннээх бэлиэ суруктары туттарда, тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт, кыттыыны ылбыт бар дьоммут буклет, махтал сурук туттулар. Күрэх кыайыылаахтара, кыттыылаахтара харчынан, грамотанан наҕараадаланнылар.
Тэрээһин түмүгэр өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт уонна тэрилтэ салайааччылара, тэрилтэ үлэһиттэрэ, аймахтар ” Сайдыына” түмсүү тэрийбит сандалы миинньигэс астаах остуолларыгар ыалдьыттарбытын күндүлээтибит, элбэх, кэрэ – бэлиэ тыллар этиниллилэр, кэлэр Баһылай Тиитэп үбүлүөйдээх тэрээһинин эмиэ бииргэ түмсэн ыытыахха баар эбит диэн түмүккэ кэллибит.
Бу курдук, Баһылай Тиитэппит 85- с сылыгар аналлаах тэрээһиммит, киэҥ далааһыннаахтык ааста диэн этиэҕи баҕарыллар.











































