“Дьоруой сардаҥата” акция

Ыам ыйын 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн ” Дьоруой сардаҥата” күнэ бэлиэтэннэ. Арассыыйа Дьоруойа Алексей Рафаэлович Петров сырдык кэриэһигэр анаммыт ” Дьоруой сардаҥата” акция улууспут хас биирдии библиотекаларыгар, түмэллэригэр киэҥник ыытылыннылар.
Бу акция чэрчитинэн Мэйик нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар дьоруой Алексей Петрову тэҥэ анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбытын кэриэстээн, оскуола оҕолоругар, кинилэр сырдык ааттарыгар ахтан – санаан аастыбыт. Кинилэр ааттара хаһан да умнуллубат, сүрэхпитигэр мэлдьи бааллар, ааттара ааттаныа, сүтэн – симэлийэн хаалыа суохтаах!
Дьоруойдар хаһан да өлбөттөр,
кинилэр биһиги өйбүтүгэр – санаабытыгар үйэлэргэ тыыннаахтар!