Ааспыт нэдиэлэҕэ Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ” Таптыыр сахам тылынан” диэн оҕолорго Республиканскай дьыктаан буолан ааспыта. Дьыктааны 3-с, 5-6, 7-8 кылаас оҕолоро суруйбуттарыттан, бэһис кылаас үөрэнээччилэриттэн икки оҕо, Алексения Семенова, Эрсан Федоров туйгун сыанаҕа суруйаннар, үлэлэрэ улуус киинигэр ыытыллыбыттара.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылынан сыысхала суох саҥарда, суруйа үөрэтиэххэ. Сахатын тылын таптыы, убаастыы улааттаҕына, тылбыт сүтүө, симэлийиэ суох этэ уонна норуот быһыытынан сайдар кэскиллэниэх этибит.


