Таптыыр киһи сүрэҕэр тапталлааҕа мэлдьи күндү, кэрэ буолар. Харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, икки эдэр уоллаах кыыс харахтарыгар дьол кыымын ыһан, сүбэлэрин холбооннор, дьол уйатын туталлар, иэримэ дьиэни тэнитэллэр, дьол уйатын ууһаталлар.
Тапталлаахтар күннэринэн күндү Мэйикпит нэһилиэгэр, атын да сиргэ олорор кэргэнниилэри, биир дойдулаахтарбытыттан, хайдах билсэн ыал буолбуттарын туһунан кэпсэтиини сурукка тиһэммит эһиги иннигитигэр таһаарабыт.
1983 сыл биир кэрэ-бэлиэ күнүнэн олоҕум аргыһын Николай Потаповы көрсөн ыал буолуу үрдүк ааты сүкпүтүм буолар.
Бу иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэттэргэ эргиччи үөрүү-көтүү, күргүөмнээх үлэ күөстүү оргуйара. Аҕата Федот Федотович көрөөт да, чээн, кыратыын, хачаайытын, харыстаан илдьэ сырыт,- диэн сэмэйдик эппитэ, эбээбит Зоя Петровна, киньииттээх үчүгэйиин, ыраас дьиэҕэ, бэлэм аска кэлэбит диэн эмиэ үөрүү-көтүү ортотугар сылдьыбытым. Дэлэгэй астаах, элбэх ыалдьыттаах, киһи эрэ тэһийиэх үтүө-мааны дьоннорго түбэһэн, аны кэргэним стройкаҕа СМУ-1 үлэлиир этэ, дьиэ уочаратыгар 16 киһинэн сылдьара. Мин ийэм ыарыһахтыыр, тыа дьоно үлэтэ кыайтарбатын санаан, төһө да бэйэм туспар үчүгэйин иһин, бу дьиэни ылыан иннигэр дойдубар, дьоннорбор барыахпын наада эбит диэн санаанан салайтаран, бары үлэлэригэр барааттарын кытта портка киирэн көтөн кэлэбин.
Кэлбиппэр дьонум, «хайа, тугу да биллэрбэккэ тоҕо кэллиҥ, кэргэниҥ тоҕо кэлсибэтэ” – диэн буоллулар. Мин почти герой курдук сананан,”Эһиги тускутугар, аҕыйах сыл олорбут киһим иннигэр улахан эппиэтинэс суох ини, кэллэҕинэ кэлиэ, суох да суох”- диэн күн кыһалҕа суох тиийэн кэлбитим уонна куорат дьиэлэрэ наһаа да быыллыйар, күҥҥэ иккитэ дьиэ быыллаан сууйабын, манна быыла суоҕа тоҕо да үчүгэйэй диэбиппин өйдүүбүн.
Түөрт ый ааспытын кэннэ, биир үтүө күн, куорат уола Колик тиийэн кэлэр. Икки чемодааннаах, биир улахан кожа хаһаайыстыбаннай бөҕө – таҕа суумкаҕа толору туттар тэрил хааланан, уол оҕото киирэн кэлэр. Дьэ биһиги үөрүү-көтүү, «Барбаттыы кэллиҥ дуо» -диэбиппэр, «Эһиги тускутугар үлэм ыстааһын барытын сотторон, кэлэрдии, кэлэрдии кэллим» – диэн буолла. Ол кэннэ , предприятиеҕа үлэлии киирээтин Степан Илларионович юристанан игин, трудовойун восстанови гыннаттарбыта, ол барыта трудовойугар көстө сылдьар. Дьэ, ити курдук Потаповтар улахан дьиэ кэргэн, Мэйикпитигэр олохсуйан, быр – бааччы, орто ыал сиэринэн олорбуппут 42 сыл буолла, 4 оҕолоохпут, 15 сиэннээхпит.


Мин 1986 – 1988 сс Дьокуускайдаагы салайар кадрдары бэлэмниир техникуму ситиьиилээхтик бутэрэн дойдубар Мэйиккэ ананан атырдьах ыйыгар зоотехнигынан улэлии кэлбитим . Ол кэмнэ Болуодьа уол ” Ритм “” хотонно улэ уеьугэр сылдьар этэ . Ол курдук мин зоотехнигынан улэбин сагалаан Унуор икки дэриэбинэ ыккардыгар суурэ – кете сылдьыбытым . Хонтуорабыт ол сахха ортоку. дэриэбинэгэ сыыр уеьэ собуот дьиэ таьыгар турар кыракый дьиэгэ хонтуора этэ . Мин зоотехнигынан улэлиир кэммэр экономиьынан улэлээбит Сорская Оксана Элляевна уонна Изабелла Егоровна субэлээн – амалаан уустук улэбэр кемелеьен абыраабыттара кинилэргэ махталым мунура суох
, ол курдук Болуодьа учугэй кердеруулээх буолан бастыннар кэккэлэригэр киирэн Уеьээ – Булуу совхозка бастыннар ааттарыгар аата ааттаммыта уонна мотоциклынан нагараадаламмыта . Ол курдук биирдэ кулууп сыырыттан куп – кугас баттахтаах кыыс туьэн иьэр уьу кердегунэ онтон ыла себулээн аа – дьуо чугасаьан испитэ . 1989 сыл кыьын биир танцыга арай маассабай оонньуу угэннээн турар кэмигэр кини штраф тубэспит биьиги хас да кыыс буолан туннук таьыгар кэпсэтэ турдубут онно чуо – бааччы миэхэ утары кэллэ уонна таптыыбын диэн баран уураан ылла оо онно мин кыбыстан хайдах да буолуохпун билбэккэ турдум
, онтон ыла аьагастык сылдьар буолбуппут , саамай ейдеен хаалбыт тугэн ол этэ . 1990 сыл ыам ыйын 25 кунугэр Кириллин А. Н ыныран загсалаабыта онтон ыла бур, бур буруо таьааран иллээх – эйэлээх ыал буолан олорбуппут номнуо 35 сыла буолла . 1991 сыл Ийэ , Ага аатын аан бастакынан суктэрбит огобут , улахан уолбут Спартак кун сирин кербутэ , ол кэнниттэн биир , икки сыл арыттаах 6 ого кун сирин кербуттэрэ . 5 кыталык кыргыттардаах , 2 уолан уолаттардаах , 10- тан тахса минньигэс сиэннэрдээх иллээх дьиэ – кэргэн буолан олоробут . Кылаабынайа бэйэ – бэйэни ейдеьуеххэ , харыстаьыахха наада . Биьиги 5 огобут туспа ыал буолан бэйэлэрэ оголонон , урууланан иллээхтик олороллор , икки кырачаан кыргыттарбыт студеннар быйыл уерэхтэрин туйгуннук бутэрэн эрэллэр . Инникитин эдэрдэргэ туьаайан этиэм этэ тапталгытын харыстаан , бэйэ бэйэгитин ейдеьен – ейеьен иллээх – эйэлээх олохтонун , дьоллоох буолун !!!



Харбалаах нэһилиэгэр 2009с. кулуупка директорынан ананан үлэлии тиийбитим. Библиотекарь Копыленко С. Д. диэн ыалга олордубуттара. Үчүгэй баҕайы ыаллар этэ. Дьэ үлэбин саҥа сиргэ саҕалаан бардаҕым дии, нэһилиэнньэни кытта көрсөн, ыччаттары билсэн, коллективым да үчүгэй , сплаченнай, бэһиэлэй этэ. Араас мероприятиелары, концертары, куонкурстары тиһигин быспакка ыытан истэхпит. Сааһыары биир субуота күн дискотека ыытан бүтэн баран эрдэхпинэ, охранник чүөчэм Мария тохтотто уонна эттэ, “Эйиигин кытта биир кыыс кэпсэтээри гынар”-диэтэ, һок, мин соһуйуу “ол кимий “-диэппин кытта, гримернай хоһун диэкиттэн биир мап -маҥан бааһынай, куудара баттахтаах кыыс “Привет”-диэбитинэн тахсан кэллэ. Мин көрөн долгуйан хааллым, Акулина диэммин диэтэ. Чэ, син уһуннук ону-маны кэпсэтэн баран дьиэтигэр атаардым. Ол курдук дьэ билсиһиибит саҕаланнаҕа, били эппиккэ дылы таптал иэйиитэ киирэн син хоһоон суруйар буолан хааллым игин. Детсадка охраннигынан үлэлиир этэ. Ону санаатахха наһаа да үчүгэй кэмнэр эбит. Күнүҥ барыта ол санаата, хайдах көрсөбүн диэн.
Дьэ дьонун кытта билсии эмиэ биир туһунан остуоруйа. Сайын саҕаланна, от-мас көҕөрөн, чыычаах ырыата. Сарсыарда эрдэ уһуктан, ону-маны үлэлээтим, өрөбүл күн. Ол саҕана домашнай телефон баар, Акулинабар эрийдим, арай биир саастаах куолас ылла,ийэтэ эбит, “Аллоо, Акулина баар да”-диэтим онуоха ийэтэ, “хортуоска олордо сылдьар”-диэтэ “онтон эн кэлэн көмөлөспөккүн да бу”-диэтэ, онуоха мин “Сөп”-диэбиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Дьэ бастаан ыксаан таҥнан тахсан баран, дьиэлэригэр чугаһаатаҕым аайы хаамарым бытааран истэ. Онтон тохтооммун толкуй бөҕө буоллум ээ, хайдах буолабын диэн, ол туран оҕолорунаниАкулинаны ыҥыртардым. Кэпсэтэн баран иккиэн бардыбыт, ийэтин кытта билиһиннэрдэ ,Томская Анна Михайловна, биир улахан эдьиийэ Анна Кимовна хортуоска олордо сылдьара. Көрөн туруом баара дуо, эр ылбычча олордуспутунан бардаҕым. Бүппүпүтүн кэннэ чэйдэттилэр игин. Ийэлэрэ 12 оҕолоох Герой Ийэ. Мин Акулинам 11оҕо. Онон дьонун кытта билсиим хортуоска олордооһунтан саҕаламмыта.
Иккиэн сүбэбитин, тапталбытын холбоон , 2012сыллаахха күһүн Үөһээ Бүлүү саахсатыгар сайабылыанньа биэрбиппит. Саахса чүөчэтэ даататын ыйыппыта ону барыта 12 диэбиппитигэр үөрдэ аҕай. Ити 2012Ахсынньы 12күнүгэр 12:00 саахсаламмыппыт.
2014сыллаахха төрөөбүт дойдубар Мэйиккэ саҥа дьиэ туттан киирбиппит. Билигин кэргэним Акулина Кимовна “Күнчээн”-детсадка мл. васпитателынан үлэлиир, биир уол оҕолоохпут Сарыал бастакы кылааска үөрэнэр, Быйыл ыал буолан олорбуппут уон төрдүс сыла буолар.
Акулина, Иван Павловтар



Биһиги 1982 сыл бүтүүтэ ханнык эрэ комсомольскай мунньах кэннэ кулууб көрүдүөрүгэр турар теннис остуола баарыгар оонньообуппут, онтон тарҕаһыы буолбутугар дьиэбэр баран истэхпинэ ситэн кэлэн “атаарабын дуо?”-диэн атаарбыта, ол кэнниттэн киэһэ киинэ, биэчэр кэнниттэн атаарар буолбута. Кэлин аны фермаҕа баран көмөлөһөр этэ. Кыһыҥҥы тымныыларга киэһэ дэриэбинэ устун күүлэйдиирбит. Онтон үлэлии ыраах Сэбэки диэн сиргэ баран, палатканан сытан үлэлээн кэлэрэ, кэтэһэн да бөҕө буоларым.
Онтон саҥа дьыл кэннэ уҥуор ферма уопсайыгар олорбуппут, кыргыттары кытары, ширма нөҥүө.
Ол саҕана эдьиийим Александра Ивановна (Саачыкка) дьаһалтаҕа секретарь этэ, биир күн көрсөн кэлэҥҥит саахсаланыҥ диэбитэ, кулун тутар 30 күнүгэр саахсалана барбыппыт, ол саҕана эргэ кулууп таһыгар тиийэн иһэн Герман “ким диэн буолаҕыный?”- диир, ону мин дьээбэрэн “Яковлева”- диэбиппэр, оччоҕо “саахсаламмаппыт”- диэбитигэр, “ээ, Иванова”- диибин, онтон дьэ киирэн саахсаланан иккиэн Ивановтар диэн биир дьиэ кэргэн буолан таҕыстахпыт ди, икки оҕолонон, 43 сылбытыгар кэлэн олоробут.




Биһиги ыал буолбуппут быйыл муус устар 07күнүгэр 26 сыла. Тихонныын Хоро орто оскуолатын 10 кылааһын бутэрэн баран сайын 1994 с билсибиппит. Биир кун сосед уолум дьиэбэр киирэн «таһырдьа эйигин ыҥыраллар диэтэ» тахсыбытым Тихон Васильев Айаанныын тураллар эбит “билсиһэн кэбиһиэххэ Тихон диэммин “диэтэ онтон киэһэ уулуссаҕа тахсаҕын дуо диэбитин «суох, Санта-Барбара көрөбүн» диэн отказтаатым. Онтон киэһэ дьүөгэлэрбэр звоннаан Мэйик уолаттара кэлбиттэр диэн буолла уонна интэриэскэ оҥостон -туттан таҕыстыбыт. Онтон Мэйиккэ декабрь ыйга 11 кылааска кэлэн үөрэхпин түмүктээбитим. Ол кэннэ билсибиппит 7 сылбытыгар Кырыкыйга кулууп директорынан үлэлии сырыттахпына уопсайга ааны тоҥсуйаллар, арай эмискэ ааны арыйааппын Тихон Алквиады кытта көтөн түстүлэр, дэлби соһуйдум уонна чай кутаттаан биэрдим, хайдах эрэ дэлби кыбыһынным, онтон уолаттара бардылар кини хаалла, чэ оннук сылдьан 2000с ыал буолбуппут. Ыал буолбут сылбытыгар тапталбыт туоһутунан улахан уолбут Денис төрөөбүтэ. 2002 с Петябыт төрүүр. Билигин уолаттарбыт иккиэн үрдүк үөрэҕи бутэрэн туһунан ыаллар, биир сиэннээхпит. Онон иккиэн оскуолаттан билсэн ыал буолан олоробут. Оскуола кэннэ куоракка үөрэххэ да сырыттахпына, аймахтарым да дьиэтин булан, ол саҕана домашняй нүөмэрдэрин булан эрийээччи, булан ылааччы, билигин ону санаан күлэбит.


Биһиги 1973 сыл күһүн Бүлүу педагогическай училищетыгар үөрэнэ сылдьан билсбиппит уонна 1976 сыллаахха ыал буолбуппут.
1977 сыллаахха үөрэхпитин бүтэрэн Өлүөхүмэ оройуонугар үлэлии барбыппыт, Токо орто интернат оскуолатыгар ананан мин пионер баһаатайынан, Валентин Михайлович интернат баспытааталынан анаммыппыт. Икки уол оҕолоохпут, улахан уолбут Алешка 1978 сыллаахха Токоҕо, кыра уолбут Васек Мэйиккэ төрөөбүттэрэ. Олорбуппут быйыл ахсынньы ыйга этэҥҥэ буоллахпытына 50 сыла буолар. Уолаттар иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр, үлэлии сылдьаллар.


Мин Мэйигим оскуолатын ахсыс кылааһын түмүктээн Хоро орто оскуолатыгар үөрэнэ тиийбитим. Кулуубка оголорго үҥкүү куруһуога ыытыллара, онно сылдьарым. Биирдэ иккис чиэппэр каникулун кэннэ волейбол секцията бутээтин, киэһэ 7 чааска “биир уол эйигин свиданиеҕа ыҥырар” диэн илдьит туппутум, тахсыбытым отто биир уол турара, билсибиппит отто Володя диэн эбит, кылгастык Хоро уулуссатын устун хаамтыбыт уонна 8 чаас буолуута сүрдээх бэрээдэктээхтик интернаатым ааныгар атааран биэрдэ. Ол курдук сааскыга диэри билсибиппит, онтон Володям СА кэккэтигэр ынырыллан барбыта, мотоцикллаах этэ, интернат аттыгар кэлэн ыныттаран таһааран кылгастык сэлэспиппит, онтон сып сылаастык илиибиттэн тутан баран “чэ, мин бардым” диэбитэ. Уонна 2 сыл тиһигин быспакка суругунан билсибиппит. Кини саас кэлэригэр мин Мэйик интернатыгар улэлиирим. Отпуск кэмэ чугаьаабыт бириэмэтэ этэ. Оччолорго телефонунан билсэрбит уонна суол хаалыар диэри аҕыйах субуотага автобус сылдьара рейсовай, онон айаннаан Хорого тиийэрбин тоһуйан ылара. Кини да кэлиэн иннинэ Хороҕо бииргэ үөрэммит оҕолорбунаан көрсөөрү Хороҕо элбэхтик айанныырым. Сайынын кини мотоцикл көлөтүнэн көтүтэн кэлэн көрсөн барара. Онтон күһүн 1992 сылга мин Үөһээ Бүлүүтээҕи СПТУ-10 бухгалтердар группаларыгар үөрэнэ киирбитим. Эдьиийим Раисалаахха олорон уерэммитим. Ардыгар кини Хороттон сороҕор массыына тубэспэккэ сатыы тиийэн, сороҕор мин субуоталарга эмиэ оччолорго массыына баарын кини биллэрэн, танцыларга кэлэн керсербут. Ол сылдьан мин биирдэ ыйытабын ээ “миигин ханна көрөҥҥүн свиданиега ынырбыккыный” диэн онуоха кини үҥкүүлүү сылдьаргын аан быыһынан көрбүтүм диэбитэ. Бүтэриибэр “кэргэннии буолуох” диэн долгутуулаах ыҥырыытын ылынан, муус устар 9 күнүгэр загсаланан, 10 күнүгэр сыбаайбалаан ыал буолбуппут, дьоллоох кэргэннии олохпут саҕаламмыта. Бастакы үөрүүбүт, тапталбыт туоһута улахан кыыспыт Сардаана 1993 сыл ахсынньы 9 күнүгэр кун сирин көрөн үөрүүбүтүн үрдэппитэ. Ыал буолан олорбуппут номнуо 33 сылыгар үктэннэ. Сэттэ оҕолоохпут, 6 кыыс 1 уол. Улахан оҕолорбут ыал буолан, сиэн бэлэхтээн, эбээ, эһээ аатын сүктэрбиттэрэ номнуо 6 сылыгар чугаһаата. Кыра кыыспыт 8с кылаас үөрэнээччитэ, Туйаара студент олоҕуттан сынньалҥҥа олорор. Олохпутугар ыар сүтүкпүт, 12 сааһын туолуутугар биһигиттэн күрэммит кыысчааммыт Мария, өрүү сүрэхпитигэр сылдьар… Бу сыллар тухары аҕабыт булдунан, сылгы иитиитинэн халбаҥа суох дьарыктанна, кэлиҥҥи кэмҥэ оҕо улаатан уолбут инициативатынан ынах сүөһүнү туттубут. Оҕолорбутугар көмө буолан сиэннэрбитин биэбэйдэһэбит.



Мин кэргэммин кытта 2009 сыллаахха Мэйик нэһилиэгэр үлэлии кэлэн баран билсиспиппит. Бастаан үлэлии кэлбитим кэннэ вызовтарга, балыыһа наадатыгар куруук тылланан сүүрээччи, олох араҕааччы суох. Ол курдук сылдьан билсиспиппит 2010 сыл билсиһэн бэс ыйыгар ыал буолбуппут. Билигин бииргэ олорбуппут 16-с сылбыт, биэс оҕолоохпут.


Биьиги кэргэмминээн Сергей Петровичтыын 1987 сыллаахха Хоро орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан билсиспиппит.Ол саҕана Онхой,Мэйик оскуолалара аҕыс кылаастаах буоланнар,аҕыс кэнниттэн Хороҕо үөрэнэрбит.Ол саҕана интернат баара.Киэһэ аайы быыстала суох үҥкүү-битии,интернакка бэйэтигэр музыкальнай центр диэн баара онон сарсыардаттан ,киэһээҥҥи диэри холбонон турара.Онтон киэһэ аһылык кэнниттэн уоттаах-күөстээх танцы буолара.Интернакка балай да элбэх буолан олорбуппут.Үҥкүү эрэ буолбакка оонньуулаах буолааччы ,белки орешки,муҥха .Муҥхаҕа оонньуу сылдьан билсиһэҕин.Бытаан үҥкүү(вальс)буолар онно дьэ уолаттар кыргыттары вальска ыҥыраллар.Дьэ онтон билсиһэн сыыйа баайа сибидээнньэ ыҥырар ,интернат уруккута школа буолан хостор эрэ элбэхтэр онно туран кэпсэтэн киэһэ 10 ч отбой тарҕаһар этибит.8кл уолаттара хоспутун тоҥсуйан Сергей ыҥырар диэн сибидээнньэҕэ барарым.Ол саҕана паара элбээх.Ол таһынан саппыыска диэн баар буолааччы ону таһаллар аны 8 кл уолаттара Петров Сига,Васильев Ваня,Александров Костя,Баишев Коля барыта одноклассниктарым.Кэлин кылааһынан көрүстэххэ ахта саныыр этибит.Оскуолаҕа аргыстаһан тахсааччыбыт суумкабын эҥин тутан абырааччы. 1988 сылга саас үөрэнэн бүтэн сопхуостаах дьон буолтара.Биһиги дальше үөрэнэ хааллахпыт .Почтанан суруктар тигинээн кэлэллэр этэ.Онхой,Мэйик каникулларга танцыларга кэлэллэрэ эбэтэр биһиги барар этибит.1989 сыллаахха Армия кэккэтигэр сулууспалыы барбыта.Онно да сибээспитин быспакка суругунан кэпсэтэрбит.Ол суруктары мунньаммыт билигин оҕолорбут ,сиэннэрбит ааҕаллар,бэйэбит ааҕан күлсэбит.Армияттан кэлбитин кэннэ 1992 сыллааахха 8 марта кийиит буолан Ксенофонтавтар дьиэ кэргэттэригэр киирбитим.Уоллаах,кыыс оҕолоохпут,4 сиэннээхпит.Ыал буолан олорбуппут 34 сылбытын 8 Марта туолуохпут.Уопсайа билсибиппит 39 сылбыт буолар.Сокуонунан Ксенофонтова 18.04.92.загсаламмыппыт.



2001 с үөрэхпин ККиИ бүтэрэн, Бүлүү Бөтүҥэр кулуубка худругунан үлэлии тиийэ сылдьаммын билсибитим.
Онно кини ПК “Бөтүҥ” суоппарынан үлэлиирэ. Ыал буолан олорбуппут быйыл 22 сыла. Үс оҕолордоохпут. Улахан уол Иннокентий быйыл речучилищены бүтэрэр судовождения идэтин баһылыыр. Кыра уол Максим юрист үөрэҕин бүтэрэн, билигин армияҕа ытык иэһин сулуспалыы сылдьар. Кыра кыыспыт Ира №40 М.Е.Николаев аатынан оскуола кыһатыгар 5 а кылааска үөрэнэр.



Таптал дьоро киэһэтэ
дьоллоох буолуҥ диэбитэ
куба буолан устара
кустуктана оонньуура.
Таптааҥ, таптатыҥ, тапталлаах буолуҥ!