Студент күнүнэн.

Бүгүн, тохсунньу 25 күнэ- устудьуон аймах күнүнэн биллэр. Төһө да сыл – хонук аастар, хас биирдии үөрэммит киһи, устудьуон сылларын, ол ыраах ааспыт, эдэр саас кэрэ, хатыламмат, дьикти, эриэккэс кэмнэрин, олус күндүтүк саныыр.
Онон, урут устудьуоннуу сылдьыбыт доҕоттортон , ааспыт кэми сэгэтэн, ахтан- санаан ааһалларыгар , хаартыскалардаах, кылгас ахтыылары суруйалларыгар көрдөстүм.
Бүгүҥҥү ахтыы суруйбут устудьуон дьоннорум, хаартыска бэрийэ олорон, оччотооҕу кэмнэри санаан, хайаан да харахтарыгар дьол кыыма саҕан ааспыт буолуохтаах диэн бигэ эрэнэбин.
Устудьуон күнүнэн, ааспыт кэм устудьуоннарыгар итии – төлөннөөх эҕэрдэ!

       Устудьуон доҕорбор.
           Туох буолуой күн кииртэ
            эйиэхэ мин биирдэ
            кэлбитим кыратык хойутаан. 
             Устудьуон доҕорум
             эйигин сөҕөбүн
             үөрэххиттэн быыс булан күүтэргин.
            Тапталтан эрдийэн
             эн ааҥҥын тоҥсуйан
             кэлбитим кыратык кэпсэтэ
             эн ааҥҥын эмискэ
             тыастаахтык сабаҥҥын
              соҕотох хаалларан хомоттуҥ.
              Оо таптал эн суоскун
              оо сүрэх эн уоскуй
              эдэр саас эдэр саас эн тулуй
             сып сырдык сулуһум
             сандаарар саһарҕам
             эн буоллар ыл тахсыый көрсүһүөх.

2013 сылга 2 курска тахсан баран ЯПК аттан бэйэм баҕабынан Бүлүүгэ переводтанан кэлбитим үөрэҕим тухары уопсайга олорбутум , дипломнайбын сахалыы суруйан 5 көмүскээбитим , сахалыы суруйарга дипломнай үлэ ыарахан диэн бэлиэтээбиттэрэ, методиьым Розалия Степановна элбэхтэ көмөлөспүтэ бары өттүгэр. Защитнай практикабын үөрэммит оскуолабар Хорого , маннайгы учууталбар Розалия Николаевнага ааспытым эмиэ элбэх араас сүбэ бөҕө биэрбитэ. Билигин оголорбутун кытта сибээспитин быспакка кэпсэтэбит бары ыал ийэлэрэ , а5алара буолан олороллор.

Варвара Михайловна Потапова .

Мин Борисова М.Е. 1976 сылга Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. 1980 сылга 19 сааспар дипломнаах үлэһит буолан дойдубар учууталлыы кэлбитим.
Онтон салгыы Магаданнааҕы пединститукка үөрэнэн үрдүк үөрэхтээх специалист буолбутум.
1997 сылга иккис үрдүк үөрэхпин СГУ социальнай педагогика салаатыгар үөрэнэн бүтэрбитим.
Ити үөрэхтэрбэр бииргэ үөрэммит доҕотторбун истиҥник саныыбын

Маргарита Егоровна Борисова.

В 2004 году я стала студенткой филологического факультета им.М.К.Аммосова.
Утром — лекции по методике русского языка и литературы. Потом — пробежка в библиотеку, занять место у окна. Запах старых книг, шелест страниц и тихий, деловой гул — саундтрек к нашей сосредоточенности. Мы не просто учились, мы «грызли гранит», и это было не метафорой. Вне учебное время участие в различных мероприятиях. Но сердцебиение той жизни — конечно, общежитие. Соседи по этажу становились семьёй: вместе радовались пятёркам, поддерживали после несчастной любви, одалживали деньги до стипендии.Сейчас я понимаю, что мы не просто участвовали в мероприятиях, учились и веселились. Мы впитывали мир, спрессовывая опыт десятилетий в несколько лет. Мы строили себя — кирпичик за кирпичиком — из лекций, книг, ночных разговоров и общей, невероятной веры в то, что всё впереди. Это было трудно, шумно, бедно, бессонно, но все было очень увлекательно.

Александра Никифоровна Федорова .

1983кэ,Улан-Удэҕэ, Илин Сибиирдээҕи культура,институтугар,кэтэхтэн үрэнэ киирбитим. Сылга иккитэ 40-нуу хонукка үөрэнэн, 1988 сыллаахха бүтэрбитим.
Джемма Иннокентьевна Федотова .

Фотография 2017г. На этой фотографии я на 2 курсе, на дворе май месяц, конец учебного года, учусь в Институте Языков и Культуры Народов Северо-Востока РФ, группа ПО-МХК-15, живу свою самую яркую часть своей жизни. В студенчестве я была ярой активисткой, где я только не была, и кем только я не была. Сейчас, я с теплотой на душе вспоминаю свои студенческие годы, которая принесла мне бесконечный опыт, прекрасные воспоминания, много друзей и конечно же, открыла для меня очень много возможностей. Студенческие годы прекрасны, цените свою молодость, это то самое время беззаботности, юношеской лёгкости в действиях и счастья от каждого момента.

Айыына Андреевна Спиридонова.

1975-1976с Иваново куоракка бухгалтерга уерэммитим. Онно элбэх омуктары кытта биир ыал о5олорун курдук иллээхтик- эйэлээхтик уерэммиппит. Бэйэ- бэйэбитигэр кемелесуьэр этибит. Уерэтэр преподовательлэрбит наьаа истиц сыьыаннаахтар, барыбытыгар кыьаллар этилэр. Биьиги5и сахалары хайгыыллар этэ бэйэ5ит тылгытын, нуучча тылын билэ5ит уонна оскуола5а английскайы уерэппит эбиккит диэн. Иваново наьаа учугэй куорат этэ, таьынаа5ы Суздаль куоракка экскурция5а бара сылдьыбыппыт. Золотое кольцо биир саамай историческай миэстэлээх куораттара буолар.
Иваново куоракка уерэммит кэмнэрбин истицник саныыбын.

Александра Ивановна Львова.

Студент кэмнэрим- оло5ум саамай умнуллубат кэмнэрэ.
Мин СГУ саха филологиятын уонна национальнай культуратын факультетын 1997 с. үөрэнэн бүтэрбитим. Биһиги үөрэнэр кэммитигэр саха салаата туспа факультет буолан студент ахсаана элбээн, үөрэнэргэ көхтөөх, олус интэриэһинэй этэ. Саха тылын уһуннук чинчийбит улахан профессордар Николай Антонов, Николай Дьячковскай үөрэппиттэрэ.
Бастакы курска практика5а Амма5а, иккис курска стройэтэрээккэ Чурапчыга үлэлээбиппит. Университет иһинэн Галина Федорова салайыытынан фольклорнай ансамблга дьарыктанар этибит. Ол са5ана оскуолаларга Егор Жирков национальнай концепцията олоххо киирэн эрэр, саха тыла, фольклора сайдан эрэр кэмэ этэ. До5ордоһуу болуоссатыгар саас аайы ыччат оһуохайа буолара.
Филологтар бары Сэргэлээх
14-с корпуһугар олорбуппут.
Бииргэ үөрэммит, биир хоско олорбут кыргыттарбын кытта билигин да билсэбит, көрсүһэбит.

Сардана Николаевна Николаева.

Мин 1973 Бүлүү педучилищетыгар 8с кылаас кэнниттэн киирбитим.Училищеҕа Үеһээ Бүлүү 8с кылаастаах оскуолатыттан хас да буолан тиийбиппит. Училище тиэргэнин харбыы сылдьар “дворнигы” көрсөн директор кабинетын ыйыппыппыт. Киирээт хаҥас диэки кабинет суруктаах диэбитэ. Киирбиппит Василий Иванович Санников олороро. Хантан кэлбиппитин ыйыталаһан баран “биир оскуолаттан тоҕо элбэххитий ?” диэн соһуйбута. Сотору били “дворникпыт” киирэн кэлбитэ. Директорбыт кини Михаил Спиридонович Иванов эбит. Биһиги наһаа соһуйбуппут. Бары куттанан саҥабытыттан маппыппыт. Михаил Спиридонович Иванов республика араас оройуоннарыгар үлэлии сылдьар выпускниктарын, үерэнэ сылдьар студеннары барыларын хайа улуустан сылдьалларын билэрин кэлин наһаа сөҕөр этим. Характеристикабытын көрөн баран, дьэ курстарынан наардаабыта. Үөрэхтэригэр үчүгэйдэри быһа ылаттаабыттара. Мин школьно-пионерскай отделенияҕа үерэммитим. Заведующейынан Ленинградтааҕы Герцен аатынан пединституту бүтэрбит,Татьяна Ивановна Болурова үлэлээбитэ. Биһигини Бүлүү педагогическай
таһымнаах, эдэр эрчимнээх преподавателлэр үерэппиттэрэ; нуучча тылыгар уонна методикатыгар Екатерина Александровна Петрова, Ирина Дидимовна Слепцова,саха тылыгар Мария Ивановна Попова, Марина Васильевна Золоторөва, Марк Михайлович Михайлов, историяҕа Василий Иванович Семенов, математикаҕа Василий Анатольевич Александров, Рамис Гуламович Рамозанов уо.д.а. Бу педагогтар улахан олох аартыгар бэлэмнээн, үөрэтэн-такайан таһаарбыттара. Методиканы баһылыырбытыгар, учуутал уустук идэтигэр уһуйулларбытыгар кинилэр олук уурбуттара. ” Г” группаҕа саамай чугас киһибит, истин сүбэһиппит, аҕа табаарыспыт, салайааччыбыт Евгений Романович Алексеев. Евгений Романович Бүлүүтээҕи пед.училище уонна Герцен аатынан Ленинградтааҕы пединститут выпускнига. Үерэҕин бүтэрэн, педучилищеҕа үлэлии кэлбит сылыгар биһиги группабыт салайааччытынан анаммыта. Евгений Романович психологияҕа уонна пионерскай дьыалаҕа элбэх билиини иҥэрбитэ,олоххо активнай позициялаах буоларга ииппитэ. Кини эйэҕэс майгылаах, үгүс инициативалаах, барыбытын түмэ тардар дьикти алыптаах, ылыннарыылаах тыллаах, салайар дьоҕурдаах сатабыллаах салайааччы, талааннаах педагог. Группанан заявка түһэрэн киинэҕэ, концертка сылдьарбыт. Итиннэ барытыгар салайааччыбыт көх-нэм буолара, тэрийэрэ. Детдомҥа, тыаларга концертыы барарбыт.Спортивнай күрэхтэргэ наар кыттар этибит. Евгений Романович барыбыт уйулҕабытын чопчу билэн,дьогурбутун таһааран, талааммытын табан, үчүгэйгэ-кэрэҕэ уһуйбута. Пионерскай группа бары оҕолоро уопсай хорга понедельник аайы ыллыырбыт, араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт, тэрийсэрбит. Сыл аайы ыам ыйыгар пионерскай күҥҥэ тыаҕа тахсарбыт, араас күрэхтэргэ күрэхтэһэрбит, ырыа ыллыырбыт, костер отторбут, астына сынньанарбыт. Биһиги “Г”лар ордук эрчимнээх, көхтөөх, иллээх-эйэлээх, инициативалаах, тэрийэр дьоҕурдаах, ситиһиилээх коллектив этибит. Бүлүутээҕи училищем педагогтара хаачыстыбалаах үерэтиилэрэ,иҥэрбит дириҥ билиилэрэ, муударай сүбэлэрэ үлэбитигэр бигэ акылаат буоллаҕа.
Бүлүү педучилищетыгар үөрэммит сылларым миэхэ наһаа күндүлэр, үерэппит учууталларым куруук ыйар сулус, үтүе холобур буолаллар. Биһиги куруук кинилэри саныыбыт, ахтабыт, сааһырдах аайы кинилэринэн киэн туттарбыт күүһүрэн иһэр.

Валентина Васильевна Попова.

С 2000 по 2004 г студент Намского педагогического колледжа им. И.Е. Винокурова по специальности “Учитель изобразительного искусства и черчения”

Геннадий Петрович Федоров.

Далыр орто оскуолатын ситиһиилээхтик 1995сыллаахха бүтэрээт Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтэҕи педагогическай училищеҕа үс сыллаах үөрэххэ”Преподование в начальных классах образовательной школы” диэн специальностка үөрэнэ киирбитим. Уруһуйдуурбун сөбүлүүр буолан эбии дьарыкка үөрэнэн “Руководитель изодеятельностьти”диэҥҥэ үөрэммитим.Абитуриенныы барарбар бииргэ үөрэммит кыыспынаан Сардана Егоровалыын иккиэн туттарсан киирбиппит. 312группаҕа араас улуустан оҕолор бааллара,кураторбыт Римма Васильевна диэн этэ.Үөрэнэ киирэрбитигэр 40ча этибит,бүтэрэрбитигэр 20чэ буолан бүтэрбиппит.Педагогическай практикабын Барахов начальнай школатыгар Изабелла Денисовна диэн опыттаах учууталга ааспытым.
1998сыллаахха үөрэхпин бүтэрбитим. Бүтэрээт Үөһээ Бүлүүбэр үлэлии хаалбытым .Биир сыл Быракан сүрүн оскуолатыгар үлэлээбитим.Онтон Салгыы Мэйик орто оскуолатыгар үлэлии кэлэн баран ыал буоламмын , билигин да начальнай кылаас учууталынан үлэлиибин.Үлэлээбитим 26 сылым буолла. Студеннаабыт сылларбын өрүү истиҥник саныыбын,үөрэммит оҕолорбун кытта билсэбит.

Елена Николаевна Васильева.

Мин Хоро орто оскуолатын бутэрээт 1982 сыллаахха Челябинскайдаагы культура институтугар туттарсан уэрэнэн иьэн агыйах ый уэрэнээт Дьокуускайдаагы культурнай сырдатар училище режиссер клубно массовых мероприятий салаатыгар переводтанан кэлэн 2 сыл 8 ый уэрэнэн бу идэни ылбытым
Студенныыр кэмнэрим олохпор биир саамай учугэй,умнуллубат куннэрбинэн буолаллар,туох да кыьалга суога.Бастаан барарбар эдьиийим Айбарова(Яковлева )Мариналаахха олорон уэрэммитим онтон 1984 с Ыал буолан Потаповтарга кийиит буолан киирбитим,студенныыр кэмнэрбэр куорат Намыгар уонна Горнай Манараьыгар практикаламмытым,ол сагана агитбригада куускэ улэлиир этэ,отчуттар звеноларынан,кыьыл муннуктарынан сылдьарбыт,нэьилиэктэр ыьыахтарын ведущайдаан ыытыьарбыт,туохтан да толлон турбакка араас тэрээьиннэри ыытан дьон махталын ылар этибит,студотрядтарга сылдьар кэмнэрбит араас кэрудьуэстэрэ элбэх,наьаа учугэй кэмнэр этилэр
Хайаан да хас биирдии ого студент ологун билэр курдук оскуола кэнниттэн барардыы толкуйданан уэрэниэхтээх.

Марианна Степановна Потапова.

Үгүс киһи син биир эдэр сылдьан студеннаан ааһар. Ол курдук мин эмиэ бэйэм баҕа санаабын толорон Хабаровскай кыраайга Еврейскай уобаласка Биробиджан куоракка педагогическай училищеҕа үөрэммитим. Дьон саамай ахтан, санаан ааһар кэмнэрэ студеннаабыт сыллара буолаллар. Чахчыта баара студент барахсан күннээҕи түбүгэ үөрэҕэ эрэ буоллаҕа.Үгүс преподавателларбыт туох да дьоһуннаах да дьон этилэрэ.Бэйэлэрин предметтэрин үчүгэйдик да үөрэппиттэр эбит… Бииргэ үөрэммиттэрбин дьиктиргээбитим диэн үксүбүт нууччалар этилэрэ да грамотнастара мөлтөҕүн чахчыта баара улаханнык сөхпүттээҕим.Дэлэҕэ нуучча тылыгар преподпыт Зинаида Николаевна Мхеидзе көрдөҕүнэ мин атын омук буоларым көстө сырыттаҕа дии.Кини словарнай диктант суруттарара уонна сонно көрөттүү охсоро.Сыыһам суоҕун сөхтөҕө буолуо, аны бэйэм да нерусская буоллаҕым дии.Онно ыйыппытын отой умнубаппын:”Откуда такая грамотная?” – диэбитигэр мин хап сабар:”Из Якутии”- диэн эппиэттээтэҕим дии… Көччөх гынан көтүппүт училищем кыһатын үчүгэй сыананан бүтэрбитим.Дипломмун кэнэҕэс сиэннэрбэр көрдөрүөм диэн ууран сытабын…
Оччотооҕу студент оҕолор бары араас, араас сиртэн кэлэн общежитиеҕа сүрдээх иллээхтик олорор этибит. Уочаратынан вахтаҕа дьуһуурунайдыыр буоларбыт. Аны студеннар бэйэлэрэ да сүрдээх көхтөөх,көрдөөх норуот буоллахтара. Онон кэм кэминэн араас тэрээһиннэри бэйэлэрэ иилээн – саҕалаан ыыта охсоллоро. Ол эрэн туох улахан кистэлэ кэлиэй педагогическай үөрэххэ үксэ кыыс аймах буолара. Күүстээх аҥаар тарбахха баттанар аҕыйахтара. Онон кыыс – аймах диэн оперативнай норуот буоллахпыт. Мин оччолорго Вероника Тушнова хоһооннорун сборнигын буламмын ону ааҕаммын атын көрүҥнэртэн босхоломмутум. Хоһоону ааҕарым пионер саастарбыттан саҕаламмыт буолан хоһоону ыарырҕаппакка үөрэттэ охсорум. Студенныы сылдьан сүрдээҕин бэйэни көрүнэргэ үөрэниллэр эбит дии саныыбын.
Күннээҕи аспытын аны бэйэбит астанарбыт.Үксүбүт онно тиийэн аһы астыырга үөрэммиппит. Ол эрэн ахтан кэллэхпинэ “Сельхозпродукты” бакалеяттан эт атыылаһан мииннэнэн иһэрбит. Саамай абыраллаах астарбыт бэлэм сылдьар пакеттаах мииннэр, араас оҕуруот, балык кэнсиэрбэлэрэ буолааччылар. Аны сыаналара удамыра студент дьоҥҥо абырал этэ.
Онон аан бастаан куорсун анньан көтүппүт үөрэҕим кыһатыгар махталым муҥура суох.

Зоя Васильевна Бускарова.

Мин 2008 сыллаахха Таатта Чөркөөх орто оскуолатын бутэрэн бараммын, Дьокуускай куоракка Хотугулуу-Илинни Федеральнай университетка Филологическай факультетка кэтэхтэн уерэнэ киирбитим. Ол саҕана “Филфак” зданиета розовай өҥнөөх туспа турааччы . Онон ГУКка уонна Филфакка көһө сылдьан үөрэнээччибит. Олкурдук 6 сыл үөрэнэммин үөрэхпин этэҥҥэ түмүктээн дипломмун “5” сыанаҕа көмүскээбитим. Билигин идэбинэн учууталлыы сылдьабын. Студенныыр кэмнэрбин билигин да суохтуубун, ахтабын .

Алиса Филипповна Максимова.

Мин 1996 с. СГУ биолого географическай факультетын география салаатыгар туттарсан киирбитим. 5 сыл устата үөрэнэн география учууталын идэтин ылбытым быйыл 25 сыла буолар. Бу үөрэммит сылларбар элбэх күүстээх преподователлэр үөрэппиттэрэ, наука кандидаттара, доктордара, профессордар, оннооҕор Россия наукатын академиктара үөрэппиттэрэ. Бииргэ үөрэммит доҕотторбун кытта куруук билсэ – көрсө сылдьабыт. Студенныы сылдьан элбэх мероприятияларга, күрэхтэргэ кыттар этибит. Студеннаабыт сылларбыт киһиэхэ биир саамай кэрэ бэлиэ кэмнэрэ буолаллар.

Иван Петрович Чириков

Устудьуоннаабыт кэмнэрбин, эдэр сааһым дьүөгэлэрин, куруук истинник, оҕолуу ыраас ыраас дууһабынан, ахтан-санаан ааһабын. Билигин кыргыттарым-кыталыктарым бары ыал ийэлэрэ, араас улуустарынан тарҕанан, үлэлээн-хамсаан, дьоһун-мааны ыал ийэлэрэ буолан олоролоруттан олуһун диэн үөрэбин. Билигин кэмиттэн кэмигэр көрсөммүт, устудьуон кэммитин ахтан-санаан ааһабыт.

Мария Павловна Васильева