Сэтинньи 6 күнүгэр, олохтоох бибилэтиэкэҕэ, Төрөөбүт Ийэ тылбыт харамньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтөрүөбүс Өлөксүөйэп- Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн ыытыллар ” Дапсы дьыктаанын” суруйуута буолан ааста.
Хас сылын ахсын буоларын курдук олохтоохтор, күннээҕи үлэлэрин мүлүрүтэ охсон, кэлэн дьыктааны суруйан , сүрдээҕин сэргэхсийэн бараллар.
Дьыктааны бэрэбиэркэлииргэ өрүү көмөлөһөр , саха тылын учуутала , Любомира Макаровна Хаччагаева. Дьыктааны суруйууга бары да кэриэтэ сүрдээх үчүгэйдик суруйдулар диэн сыаналаата. Ол курдук муҥутуур , туйгун суруксут аатын ылары ситистэ, Львова Александра Ивановна, тилэх баттаһа Василина Васильевна, Сардаана Николаевна, Александра Никифоровна, Маргарита Егоровна , Иван Петрович үчүгэй суруксут аатын ыллылар .
Нэһилиэкпит олохтоохторо бу курдук буолар тэрээһиннэргэ өрүү кытта туралларыттан үөрэбит.
Ийэ тылбыт тутуллар эйгэтэ кэҥии турдун, төрөөбүт тылбытын өрө тута сылдьыаҕыҥ. Кэнчээри ыччаттары төрөөбүт тылы харыстыырга угуйуоҕуҥ, үөрэтэргэ дьулуһуоҕуҥ!








