2024 сылтан, улуустааҕы О.Д. Федорова аатынан киин библиотека көҕүлээһининэн, улуус дьаһалтата өйөбүлүнэн- Ханыы күн( оптуорунньук) ” Доруобуйа күнэ” тэрээһин, быйылгы дьылга үгэскэ кубулутан иккис сылын ыытыллар. Мэйик нэһилиэгэ бу күҥҥэ туора турбакка көхтөөх кыттыыны ылар. Ол курдук “Күнчээн ” оҕо уһуйаана , олохтоох дьаһалта , КДУ, оскуола тэрилтэлэрэ күннэрин сэрээккэттэн саҕалыыллар. Кып кырачаан оҕотуттан саҕалаан, улахан киһитигэр тиийэ сэрээккэлээн, эттэрин-сииннэрин эрчийэллэр . Хас биирдии киһи доруобай буоларын туһугар кыһаллар, доруобуйабыт бэйэбит илиибитигэр. Онон ханыы күнүн кытта бииргэ буолуох,чөл ,доруобай сылдьыах!





